Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ Саха сирин дэлэгээттэрэ Африкаттан кэлбит ыалдьыттары арыаллыыллар

Share

Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ барыта 40-тан тахса киһини кытары шефтэстэ. Бу социокултуурунай шефтэһии Гвинея, Лесото, Либерия, Гана уонна Комор арыыларын бэрэстэбиитэллэрин кытары олохтонно.

Сочига РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар далааһыннаах тэрээһиҥҥэ ыччаттар түмсэллэр. Саха сирэ Африкаттан кэлбит дьону арыаллыыр. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ волонтер үлэтигэр улахан үөрүйэхтээх. Онон Африка бэрэстэбиитэллэр истиҥ көрсүһүү тэриллибититтэн сэргээбит буолуохтаахтар, — диэн этэр СӨ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Ольга Балабкина.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Африкаттан кэлбит ыалдьыттар Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнин, саамай тымныы кыһыннаах Саха сирин, онно ураты сиэрдээх-туомнаах, үгэһи тутуһар кэрэ, муударай норуот олорорун туһунан олус кэрэхсээн иһиттилэр. Айсен Деллохов хомуска дьүрүһүтүүтүн, кыыл-сүөл саҥатын, чыычаах ырыатын, айылҕа дьикти кэрэтин оонньоон иһитиннэрбитин наһаа сөхтүлэр, хайҕаатылар.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Мин Ганаттан сылдьабын. Оскуолаҕа англия тылын үөрэтэбин. Саха сиригэр бара сылдьыахпын наһаа баҕардым. Онно саха аһын-үөлүн амсайыахпын, дьону-сэргэни кытары билсиэхпин олус баҕарабын. Саха сириттэн кэлбит бэстибээл кыттыылаахтара наһаа аламаҕайдар, истиҥ-иһирэх сыһыаннаахтар, — диэн Николас Кваме санаатын үллэһиннэ.

Саха сирин дэлэгээттэрэ дьон-сэргэ ханна да кэрэхсээн истэр «Саха үҥкүүтэ» ырыатыгар доҕуһуоллатан флешмобтаатылар уонна бука барыларын оһуокайга ыҥыран түмэ тартылар.

Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ Сочига кулун тутар 1-7 күннэригэр ыытыллар. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн, тас дойдулартан уопсайа 20 тыһыынчаттан тахса эдэр дьон түмсэр.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3390020  манна киирэн көрүөххэ сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

8 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

9 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

9 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

10 часов ago