Саха сирэ, төһө да ырааҕын иһин, дойдуга биллэр научнай кииннэртэн биирдэстэрэ, Уһук Илиҥҥэ инновациялары оҥорууга уонна олоххо киллэриигэ лиидэр буолар. Генетик, археолог, устуорук учуонайдар аан дойду таһымнаах арыйыылары оҥорбуттарынан киэн туттабыт. Саха сиригэр наука сайдарыгар «Наука и университеты» бэрэсидьиэн бырайыага төһүү буолар.
Саха сирин учуонайдара сэлиини тилиннэрэр соруктаахтар. 2010 сыллаахха Юка диэн сэлии оҕотун булбуттара, өлүгэ 28 тыһыынча сыл ирбэт тоҥҥо сыттар да, мэйиитэ, этэ, тириитэ бүтүн буолан, кини ДНК-тын ылыахха сөп.
Онон, 2015 сыллаахха Дьокуускайга Сэлии түмэлигэр «Молекулярная палеонтология» диэн аан дойдутааҕы киин аһыллыбыта. Урут палеонтологическай булумньулары барытын Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга ыытар эбит буоллахтарына, билигин чинчийэр үлэ Дьокуускайга ыытыллар.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет базатыгар Арассыыйаҕа соҕотох палеонтологическай лаборатория арыллыбыта. «Приоритет 2030» бэрэсидьиэн бырагырааматынан палеонтологическай чинчийиини ыыталлар.
Маны тэҥэ, аан дойду наукатыгар ураты суолталаах бырайыагы — аныгы усулуобуйаҕа сэлии олоруон сөптөөх сирин-уотун бэлэмнииллэр. Манна анаммыт плейстоценовай паарка — айылҕа «заказнига» үлэлээбитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Пааркаҕа тайахтар, табалар, яктар, барааннар, калмыык ынахтара, саха аттара, овцебыктар, бизоннар, зубрдар бааллар, учуонайдар кинилэр бииргэ олороллорун, айылҕаҕа дьайыыларын чинчийэллэр.
Палеонтологтар, генетиктэр, биологтар Аан дойдутааҕы сэлии киинигэр түмсүөхтэрэ. Бу киин «Стратегия развития Арктической зоны Российской Федерации и обеспечения национальной безопасности на период до 2035 года» көмөтүнэн, номнуо тэриллэн эрэр.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…