Аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн!
Күндү Сахам сирин дьоно! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан учууталлары, иитээччилэри, настаабынньыктары барыларын истиҥник үөрэн туран Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык аан маҥнай 1965 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр олохтоммута: Учуутал күнэ алтынньы бастакы баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр буолбута. 1966 сыл алтынньы 5 күнүгэр буолбут Учуутал ыстаатыһын туһунан бырабыыталыстыба ыккардынааҕы анал кэмпириэнсийэ Аан дойдутааҕы Учуутал күнүн олохтуурга тирэх буолбута. 1994 сылтан саҕалаан Учуутал күнүн алтынньы 5 күнүгэр бэлиэтиир буолбуппут.
Быйыл Учуутал күнэ Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар ыытыллар. Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас оскуоланы кытта ыкса ситимнээхтэр. Оҕо саас саамай үтүө кэмэ манна ааһар, оттон үгүс түбэлтэ чахчы дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах буолар. Оскуола уратылаах уонна социальнай хайысхалаах буолан, уопсастыбаннай институт быһыытынан, дьиэ кэргэни эмиэ иитэр диэн саарбахтаабакка этиэххэ сөп. Төрөппүт бэйэтин учууталын билэр буолан, киниэхэ эрэнэн туран сыдьаанын үөрэттэрэ аҕалар түгэнэ элбэх буолааччы. Ол – учуутал үлэтин, үрдүк аналын дириҥник ытыктыыр бэлиэтэ буолар. Үөрэнээччи талаанын, дьоҕурун арыйан, олоҕор туһалаах билиини биэрэн учуутал кэскилбитин түстүүр диэн этиэххэ сөп.
Учуутал күнэ мэлдьи ураты, олус сылаас санааны үөскэтэр. Үөрэнээччи олоҕун тулхайдыйбат төрдө буолар дириҥ билиини уонна майгыны-сигилини биэрэр үтүө үлэлэрин иһин учууталларга махтанабын. Үгүс сыл ааспытын да кэннэ оскуолаҕа үөрэппит настаабынньыктарбыт мындыр сүбэлэрин, көхтөөх үлэлэрин таптаан, махтанан туран саныыбыт.
Күндү учууталлар! Бу үөрүүлээх күҥҥэ эһиэхэ доруобуйаны, дьолу, уйгуну, үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын. Ол идэҕит куонкуруһугар кыайыы эрэ буолбакка, бастатан туран, улуу Дойдубут – Россиябыт уонна төрөөбүт Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин кэскилин түстүөхтээх үөрэнээччилэргит ситиһиилэрэ буолар.
Бырааһынньыгынан! Учуутал күнүнэн!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: