Аар Дархан этээччи Семен Черноградскай
2022 сыллаахха Аар Дархан этээччи аатын сүкпүт Семен Ильич Черноградскай – оһуохайы таһаарар, олоҥхону туойар Саха сиригэр тарбахха баттанар ытык кырдьаҕас. Олоҥхо абылаҥар хайдах ылларбытын, ханнык кэмтэн ыкса ылсан дьарыктаммытын туһунан бу ыстатыйаҕа кэпсиэҕэ.
…Үһүс кылаас үөрэнээччитэ Сеня Черноградскай дьонун кытта дэриэбинэттэн үс биэрэстэ тэйиччи сытар сиргэ олорор. Онон күн аайы оскуолаҕа сатыылыыр. Биир күн хааман иһэн көрбүтэ – суол кытыытыгар хаартан туох эрэ быган хараара сытар. Уол оҕо ону таах хаалларыа дуо, тиийэн тэбиэлээн көрдө. Онтуката халыҥ тастаах улахан кинигэ буолан биэрдэ. Арыйбыта, эрдэ көрбөтөх буукубаларынан суруллубут хоһооннор эбит…
“МҮЛДЬҮ БӨҔӨ” – БАСТАКЫ ААХПЫТ ОЛОҤХОМ
– Ити диэки чугаһынан балаҕан турара, онно эрдэ үөрэхтээх киһи олоро сылдьыбыта диэн кэпсииллэрэ. Ол киһи кинигэтэ буоллаҕа, 1937 сыллаахха бэчээттэммит Дмитрий Говоров «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун А.Ф. Бояров сурукка түһэрбитэ. 1959 сыллаахха 3-с кылааска үөрэнэр киһи ааҕары сатыыр буоллаҕым дии, ол эрэн, ити кинигэ Новгородов алпаабытынан латыынныы буукубаларынан таҥыллыбыт буолан, улаханнык мунаарбытым. Ити сыл эһиилигэр, төрөппүттэрбинээн аны дэриэбинэттэн сэттэ биэрэстэлээх сиргэ кыстыы көспүппүтүгэр, Борисова Мааппа диэн былыргы алпаабыты билэр дьахтар дьукаахтаспыта. Дьэ уонна кинилиин субуота уонна баскыһыанньа киэһэлэргэ солбуһа сылдьан чүмэчи уотугар аахпыппыт. Бу санаатахха, “Мүлдьү Бөҕө” түҥ былыргыттан кэлбит олоҥхолорго киирсэр айымньы буоллаҕа дии, тыла-өһө сэбиэскэй оскуола үөрэнээччитигэр бэрт уустук буолуо эбитэ буолуо. Ол эрэн, ис хоһооно абылаан бэрт умсугуйан туран аахпыппыт. Оччолорго олоҥхо туойар туһунан санаа суоҕа, көннөрү ааҕан, бастакыбын билистэҕим.
ХАҺАН БАҔАРАР САҔАЛЫАХХА СӨП
Олоҥхоҕо улахан интэриэс, норуокка тарҕаныы, биллэрин курдук, Сэбиэскэй былаас уурайбытын кэнниттэн саҕаламмыта. Мин үйэм-сааһым тухары оскуолаҕа устуоруйа учууталынан үлэлээбитим. Ол эрэн, элбэх аймах дьонум “дьэ-буо” тойук ырыаны сатаан ыллыыр дьон этилэр. Онон, кыра эрдэхпиттэн тойугу сатыыр, ыллыыр ыра санаалаах этим. Устудьуоннуу сылдьан оһуохай этиинэн үлүһүйбүтүм, оччотооҕу кэмҥэ чугас доҕорум, Атос Реасович Кулаковскай ити саҕалааһыммар угуйааччы буолбута. Миигин араспаанньабыттан таһааран “Чуорунай” диэн ааттыыр этэ. Оһуохай тэрээһиннэригэр сылдьыбыппыт. Суруйааччы оҕото киһи тыла-өһө хомоҕой, оччотооҕу кэмҥэ бэрт үрдүк таһымнаах этээччи этэ. Кэнники, Атос туһунан хоһоон суруйбутум, онно кинини кэриэстээн “Чуорунай” диэн псевдонимынан илии баттаабытым.
Оттон олоҥхоҕо төнүннэххэ, бастакыбын 60 сааспын туолан баран олоҥхолообутум. Ити хайдах буолбутай? Ити кэмҥэ Саха сиригэр сыл аайы улуустары уларыта сылдьан Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии саҕаламмыта. III Олоҥхо ыһыаҕа 2009 сыллаахха Уус Алдаҥҥа ыытыллара биллибитэ. Улууспут тэрийээччилэрэ өйдөөбүттэрэ, олоҥхоһут суоҕун кэриэтэ – кырдьаҕастар өлөн хаалбыттар, утумнааччылара хаалбатах. Олорон хаалар сыыһа буоллаҕа, улуустааҕы Култуура дьиэтин мэтэдииһэ Елизавета Данилова үс сүһүөхтээх күрэх тэрийэн ыыппыта. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕар олоҥхоһут оруолун толорор эппиэтинэһи миэхэ сүктэрбиттэрэ. “Сайын олоҥхо этэҕин да сабаас!” диэн бирикээс кэриэтэ сорудах ылбытым. Дьэ ити курдук, Уус Алдан улуу олоҥхоһута Дмитрий Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй “Мүлдьү Бөҕөтүн” аахпытым 50 сыл ааспытын кэнниттэн, нойосуус саҥа үөрэтэр түбүккэ түспүтүм. Дьэ уонна ыһыах аһыллыытыгар ситиһиилээхтик толорон олоҥхоһут аатын сүкпүтүм. Олоҥхону чинчийээччи, ХИФУ бырапыассара В.В. Илларионов кэлэн илиитин тутуспута, эҕэрдэлээбитэ. Онтон ыла билиим хаҥаан, өйдүүрүм кэҥээн, син дьону сэҥээрдэр олоҥхоһут аатыран сырыттаҕым.
ААР ДАРХАН ЭТЭЭЧЧИ
– Эппитим курдук, сүүрбэччэ сыл учууталлаабыт киһибин. 2009 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбытым, оччолорго 16 төбө сүөһүнү иитэн олорор тыа сирин киһитэ этим. Иллэҥсийбит киһи, күүстээх быһаарыныы ылан биир нэдиэлэ иһигэр сүөһүбүн эспитим уонна куоракка көһөн киирбитим. Дьэ онтон ыла ыкса ылсан оһуокайынан дьарыктанан барбытым. Туймаада хочотугар араас этээччилэр түмсэн таһаараллар, ньурбалар, сунтаардар этээччилэрэ таһымнара үрдүгүн сөҕө-махтайа истибитим. Дьону истэн, кинигэлэри ааҕан, бэйэм этэр ньымабын чочуйбутум. Оһуокайбын уонна олоҥхобун ити кэмнэртэн саҕалаан сайыннаран, үөрэтэн барбытым.
Оһуохай киин оройуоннарга өр кэм устата кэхтэ, улугура сылдьыбыта кистэл буолбатах. Оһуохай үгэһин өбүгэлэртэн ситимин быспакка, биһиги кэммитигэр тиэрдибит дьонунан Бүлүү бөлөх улуустар этээччилэрэ буолаллар. Ити улуустарга оһуохай кэхтиэхтээҕэр сайдан, тупсан кэлбитэ. Билигин оһуохайы этии 38 көрүҥэ араарыллар. Холобур, хаҥаластар түөрт араас ньыманан этэллэр, Уус Алдаҥҥа “уус алданныы”, найахылыы” диэн икки ньыма араарыллар. Ити курдук, сорох улуустарга иккилии тус-туспа таһаарыы баар. Сорохтор майгыннаһаллар, ол эрэн, холобур, “чыамайыкылыы” этии “чурапчылыы” этииттэн туох уратылааҕын дьарыктанар киһи тута билэр.
2012 сыллаахха Үс Хатыҥ ыһыаҕар оһуокай этээччилэр күрэхтэригэр кыттыбытым. Улахан суолталаах күрэх – бастаабыт киһи Дархан этээччи аатын сүгэр. Күрэххэ үс бөлөххө араараллар 35 саастарыгар диэри, 55 саастарыгар диэри уонна 60-нарыттан үөһээлэр диэн. Онно 60-нарыттан үөһээ саастаахтар бөлөхтөрүгэр ити сылга икки киһиэхэ Дархан этээччи чыынын сүктэрбиттэрэ, Сунтаар этээччитин кытта бииргэ бастаабыппыт.
Оттон 2022 сыллаахха Аар Дархан буолбутум. Саха сирин үрдүнэн ити ааты сүкпүт дьон бэһиэбит. Үс сылга биирдэ ыытыллар күрэххэ Дархан этээччи ааттаах дьон күрэхтэһэллэр, бастаабыттара Аар Дархан буолар.
Хаартыскалар
С. Черноградскай
архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: