Аармыйаҕа сааскы ыҥырыы туһунан тугу билиэххэ?

Аармыйаҕа сааскы ыҥырыы туһунан тугу билиэххэ?

17.03.2023, 14:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа аармыйаҕа сааскы ыҥырыы быйыл муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Аармыйаҕа 18-27 саастаах эдэр дьон ыҥырыллыан сөп.

Ыҥырыллааччы бэбиэскэтин  туттаҕына, военкомакка кэлиэхтээх уонна мэдиссиинискэй чинчийиини ааһыахтаах. Быраастар кини сулууспалыыр кыахтааҕын эбэтэр  кыаҕа суоҕун – “А” доруобай категориялаах  эбэтэр “Д” ыҥырылларга сөбө  диэн быһаараллар. Ыҥырыллыбыт дьон 12 ый сулууспалыыллар.

Аармыйаҕа ылыллыбаттар:

— ИДьМ, ФСБ, ЫБММ үлэһиттэрэ;

— буруйдарын боруостуу илик эбэтэр силиэстийэҕэ сылдьар дьон;

— үрдүк үөрэх күнүскү үөрэҕин устудьуоннара уонна аспираннар;

— оҕолорун соҕотоҕун иитэр аҕалар, кырдьаҕас төрөппүттэрин эпиэкэлиир дьон;

— саахсалананан олорор уонна иккиттэн ордук оҕолоох аҕа.

Ыҥырыллар  болдьохторо уһатыллар:

— ыарыһах төрөппүттэрин көрөр-истэр киһи;

— үһүгэр диэри саастаах инбэлиит оҕолоох аҕа;

— кэргэнэ оҕо күүтэр (26 нэдиэлэттэн ордук болдьохтоох) буоллаҕына.

Кинилэр военкомакка ыҥырыллар болдьохторо уһуур  бырааптарын бигэргэтэр докумуоннарын аҕалыахтаахтар.

Объясняем.рф саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: