Аармыйаны солбуйар үөрэх киинэ
Бу күһүҥҥүттэн ХИФУ иһинэн байыаннай үөрэтэр киин аһыллан үлэлээн эрэр. Устудьуоннар байыаннай кииннэрин илэ харахпынан көрөөрү, Дьокуускай куорат Красильников уулуссатын 13 аадырыһыгар тиийдим. Миигин киин дириэктэрэ Геннадий Степанович Сысоев көрүстэ. Бу икки этээстээх уһун дьиэҕэ урут СГУ байыаннай хаапыдырата үлэлиирэ эбитэ үһү. Кэлин 2008 cыллаахха сабыллыбытыгар, дьиэни автодорожнай факультекка биэрбиттэр. 14 cыл кэнниттэн сөргүтүллэн, билигин байыаннай үөрэтэр киин диэн ааттанан номнуо үлэтин саҕалаабыт.
108 оҕо байыаннай кииҥҥэ үөрэниэҕэ
– Киин үлэтин туһунан сырдатыаххыт дуо?
– Бу дьыл балаҕан ыйыттан үлэтин саҕалаабыта. Муус устартан бэс ыйын хабан туран саппаас сержаннары бэлэмниир анал бэлэмнэнии бырагырааматынан (икки сыллаах) куонкуруһу ааспыт устудьуоннар үөрэнэ сылдьаллар. Былаан быһыытынан отделение хамандыырыгар – 36 оҕо, оттон старшай стрелокка 72 оҕо үөрэниэхтээх. Уопсайа 108 оҕону үөрэтиэхтээхпит. Балаҕан ыйыгар 36 оҕо киирбитэ. Олунньуттан 72 оҕо киириэхтээх, олор билигин сүүмэрдээһини ааһа сылдьаллар. Манна бакалаврга уонна специалитекка үөрэнэр устудьуоннар иккис куурустан үөрэнэ киирэллэр. Бастакы куурустан тоҕо ылбаппыт диэтэххэ, кинилэр хайдах үөрэммиттэрин биһиги бастакы симиэстир эрэ кэнниттэн билэр буоламмыт, иккис куурустан ылабыт. Икки бырагырааманан үлэлиибит. Отделение хамандыырын үөрэҕэ икки сыллаах, оттон старшай стрелок – балтараа сыл. Манна устудьуоннарбыт тус-туспа сүүмэрдээһини ааһан киирэллэр. Ол курдук, бастатан туран, биһиги баҕалаах уонна байыаннай хамыыһыйаны ааспыт оҕолору ылабыт. Бу хамыыһыйаны кинилэр сулууспаҕа ыҥырыллыбыт саллаат курдук байаҥкамаакка ааһаллар.
Бэйэлэрин кыанар эрэ уолаттар сүүмэрдээһини ааһаллар
– Уолаттары байыаннай кииҥҥэ сүүмэрдээһин туһунан сырдатыаҥ дуо?
– Ол кэнниттэн доруобуйалара этэҥҥэ буоллаҕына, А уонна Б категорияҕа хапсыбыт оҕолор иккис түһүмэххэ ааһаллар. Манна кинилэр эт-сиин өттүнэн төһө бэлэмнээхтэрин көрдөрө физкултуураны туттараллар. Ол курдук, 3 км уон биэс мүнүүтэ иһигэр сүүрүөхтээх, 100 м 13 cөкүүндэнэн кэлиэхтээх. Маны таһынан, перекладинаҕа тардыналлар. Саамай аҕыйаҕа, саатар биэстэ тохтообокко тардыныахтаах. Байаҥкамаат хамыыһыйатын ааһан баран манна кэлэн физкултууратын кыайан туттарбатаҕына, сүүмэрдээһини ааспат. Ол эрээри, бэлиэтээн этэр буоллахха, байаҥкамааты ааспыттар үксүлэрэ иккис түһүмэҕи ааһаллар. Манна кыанар оҕолор кэлэллэр. Байаҥкамаакка үгүстэр доруобуйаларынан сыыйыллаллар. Оттон сүүмэрдээһини ааспыт оҕо үөрэҕиттэн ыспыраапка аҕалар. Тоҕо диэтэххэ, бу үөрэҕи бүтэрдэҕинэ, аармыйаҕа сулууспалаабыт курдук байыаннай билиэт ылар. Холобур, устудьуон үөрэххэ киирэн баран үөрэнэрин устатыгар аармыйаттан отсрочка ылар. Ол кэмигэр кини биһиги кииммитигэр үөрэнэр. Биһиги үөрэтэр кииммит эбии үөрэх курдук буолар. Онон оҕолор сүрүн бириэмэлэрин бэйэлэрин үөрэхтэригэр аныыллар, нэдиэлэҕэ биир күн кэлэн байыаннай бэлэмнэниини ааһаллар, сарсыарда аҕыс чаастан киэһэ биэскэ диэри. Бу үөрэх аармыйаны солбуйар үөрэх буолан, байыаннай таҥастаах сылдьаллар.
Устудьуоннар “икки куобаҕы өлөрөллөр”
– Хаһыс куурустан туттарсан киирэллэрий?
– ХИФУ-га үөрэнэр бары устудьуоннар ити этэн аһарбыт хамыыһыйабын аастахтарына, биһиэхэ босхо үөрэнэллэр. Ол курдук байыаннай, тактическай, ол эбэтэр хайдах сэриилэһэргэ үөрэтии, разведкаҕа сатаан сылдьыыга бэлэмнээһин барыта баар. Билигин ыстаакка 12 киһи баар: алта учуутал уонна алта үөрэххэ көмөлөөх үлэһит. Хайаан да саппаас эписиэрдэрэ үөрэтэр буолуохтаахтар, онон байыаннай үөрэхтээх, сулууспалаан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт дьон үлэлиир. Кинилэр үлэҕэ киирэллэригэр эмиэ сүүмэрдээһини ааспыттара, ол курдук, теория, быраактыка өттүнэн элбэх билиини биэриэхтээхтэр. Манна ХИФУ үрдүнэн баар факультеттар бары хабыллаллар. Кыргыттары үөрэххэ ылбаппыт. Бүтэрбит оҕолор биир ыйдаах байыаннай (сборга) хомуурга бараллар. Благовещенскайга Уһук Илиҥҥи байыаннай училищеҕа тиийэн дьиҥнээх байыаннай усулуобуйаҕа олорон үөрэнэллэр. Оҕолор бэйэлэрин үөрэхтэригэр ыктарбаттарын курдук хомуур сайын буолар. Бүтэрбиттэрин кэннэ дьупулуомнарын кытта тэҥҥэ байыаннай билиэттэри туттарабыт. Биһиги үөрэхпитин бүтэрбит оҕо бэйэтин тус үөрэҕинэн үлэни талыан сөп эбэтэр биһиги үөрэхпитинэн байыаннай эбэтэр полиция, быыһааччы буолуон сөп. Билигин полициялар, быыһааччылар, баһаарынайдар биһигиттэн эдэр каадырдары номнуо көрдөһөн эрэллэр. Онон оҕолор биһиги кииммитин бүтэрэн “икки куобаҕы өлөрөллөр”. Аармыйаҕа барбакка, икки идэни баһылаан тахсаллар.
Володя Пинигин, ХИФУ автодорожнай факультетын иккис кууруһун устудьуона:
– Чурапчы улууһун Дириҥ бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, ханнык эйгэҕэ үлэлии барарбын толкуйдуом. Бэйэм тустуунан дьарыктанабын. Байыаннай киин университеппытыгар аһыллыбыта олус туһалаах дии саныыбын. Нэдиэлэҕэ биир күн дьиҥнээх эр киһи оскуолатын барабыт.
Коля Прокопьев, физкултуурунай институт иккис кууруһун устудьуона:
– Ньурба улууһун Чуукаар нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, быыһааччы эбэтэр баһаарынай идэтин баһылыахпын баҕарабын. Бириэмэ көрдөрүө дии саныыбын.
Игнат Руфов, ХИФУ горнай институтун иккис кууруһун устудьуона.
– Хаҥалас улууһун Покровскайыттан төрүттээхпин. Идэбинэн хайа инженерэ буолуохтаахпын. Байыаннай хаапыдыраны бүтэрэн, бэйэм үөрэхпэр дьупулуом ылан баран аармыйаҕа сылбын бараабакка, тута үлэлии барар санаалаахпын. Тоҕо диэтэххэ, манна үөрэнэн биһиги аармыйаны ааспыт курдук буолабыт. Нерюнгри эҥээр бырамыысыланнас эйгэтигэр барыам дии саныыбын.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: