Ааспыт өрөбүллэргэ 500 киилэ таһаҕаһы ыыттылар

Ааспыт өрөбүллэргэ 500 киилэ таһаҕаһы ыыттылар

28.11.2022, 14:29
Бөлөххө киир:

122 нүөмэрдээх “итии лииньийэ” күнүстэри-түүннэри үлэлиир төлөпүөнүгэр кэнники үс нэдиэлэ устата 163 киһи эрийэн, волонтердар көмөлөрүн көрдөөтүлэр. #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа  чэрчитинэн, байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө 2114 сайаапка киирбитин толордулар. Ол туһунан аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Алгыс Петров иһитиннэрдэ.

Бу ааспыт өрөбүл күннэргэ волонтердар госпиталларга эмтэнэ сытар байыаннай сулууспалаахтарга 500 киилэттэн тахса ыйааһыннаах баһыылкалары ыыттыбыт. Бу таһаҕаһы илдьэргэ Москваҕа көтөр, амарах санаалаах пассажирдар көмөлөстүлэр, кинилэргэ махтанабыт. Ити курдук таһаҕас тохтоло суох бара турар, — диэн Алгыс Петров кэпсээтэ.

Волонтердар эрэгийиэннээҕи ыстааптара түөрт хайысханан үлэлиир – быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, “Саха сирэ эйигин кытта!” ыстаапка эбии таҥаһы-сабы хомуйуу уонна юридическай, психологическай көмөнү оҥоруу.

Байыаннай сулууспалаахтарга көмөну хомуйар пуун Дьокуускайга Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх дьиэтигэр (киирэр аан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өттүттэн) өрөбүлэ суох сарсыарда 10 чаастан киэһэ 6 чааска диэри үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: