Ааспыт нэдиэлэҕэ сүүстэн тахса бэйдиэ сылдьар ыты туттулар

Share

Бэйдиэ сылдьар ыт боппуруоһа уҕараабат, кыһалҕата кыайтарбат. Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка бэйдиэ сылдьар сүүстэн тахса ыты туттулар диэн киин куорат мунньаҕар отчуоттаатылар.

Бу ыттары тутарга куорат уокуруктарыгар үс бэдэрээччит үлэлиир. Ыттары, куоскалары уонна ураты сэдэх кыыллары хаһаайыттар иитиилэрин-харайыыларын туһунан быраабылаҕа сөп түбэһиннэрэн, харабыл ыттары дьиэлэригэр баайа сытыарыахтаахтар эбэтэр сабыылаах тэлгэһэҕэ ыытыахтаахтар. Ол эрээри, буоларын курдук, куоракка бэйдиэ сылдьар ыттар үгүстэрэ хаһаайыннаахтара биллэр.
Дьиэ кыылын быраабылатын кэһии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыы, ыстараап баарын умнумуохха наада. Нэһилиэнньэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, ыты сөпкө иитэр-харайар эрэ буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ үүммүт кыһалҕа быһаарылларыан сөп.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр быйыл судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 60 мөл. солк. бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарарга көрүллүбүтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

15 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago