Салгыы
Ааспыт нэдиэлэҕэ сүппүт балыксыттар көстө иликтэр

Ааспыт нэдиэлэҕэ сүппүт балыксыттар көстө иликтэр

Ааптар:
12.09.2023, 17:27
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Нам улууһун Түбэ нэһилиэгиттэн үс эр киһи Өлүөнэ өрүһүнэн Кэбээйи улууһун диэки  балыктыы барбыттар уонна билиҥҥэ диэри сибээскэ тахса иликтэр. Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Эр дьон сарсыарда алта чааска туруммуттар. Биир киһи ойоҕо иһитиннэрбитинэн, кинилэр балаҕан ыйын 8 күнүгэр төннүөх буолбуттар эбит. Балыксыттар эппит күннэригэр кэлбэтэхтэр. Онон аймахтара уонна олохтоох дьон буолан көрдөөн саҕалаабыттар да, булбатахтар.

Билигин кинилэри СӨ Быыһыыр сулууспатын уонна ГИМС киинин үлэһиттэрэ көрдүүллэр. Барыта 29 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир.

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, көрдөөһүн кэмигэр балаҕан ыйын 11 күнүгэр Никада уонна Тайменнай арыылар аттыларыттан икки пластик дьааһыгы булбуттар. Көрдүүр-быыһыыр үлэҕэ салгын суудуната уонна пилота суох көтөр аппарааттары туһанан эрэллэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: