Хаартыска: СИА.
Ааспыт нэдиэлэҕэ түөкүттэр Саха сирин олохтоохторун албыннаан, барыта 18,2 мөл. солк. харчыны уорбуттар.
“Уһун илиилээхтэргэ” 8 биэнсийэлээх, 2 үлэтэ суох киһи, устудьуон, 2 урбаанньыт, суоппар, сапараапка оператора, тириэньэр киирэн биэрбиттэр.
Биир киһини “инвестиция” схематынан албыннаан букатын 7,3 мөл. солк. уорбуттар. Тустаах схеманан барыта түөрт киһи угаайыга киирэн, 11,7 мөл. солк. былдьаппыт. “РФ киин бааныттан”, “ФСБтан”, “ИДьМтэн”, “Судаарыстыбаннай өҥөттөн” төлөпүөннүүбүт диэн сымыйалаан 7 киһиттэн 3,3 мөл. солк. уорбуттар. Онтон аккауннарын алдьаттаран, өрөспүүбүлүкэ үс олохтооҕо 1,7 мөл. солк. сүтэрбит. Ону тэҥэ, суотабай сибээс сымыйа операторын төлөпүөннээһинигэр киирэн биэрэн, 1,4 мөл. солк. былдьаппыттар.
Түөкүттэр олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсаллар. Дьон саамай кыһалҕалаах, кэбирэх сирин билэн онон киирэн, оннооҕор үлэтэ суох киһини хабалаҕа киллэрэллэр. Сэрэхтээх буолуҥ.
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…
Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ…
Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…