Ааспыт суукка устатыгар 9 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааспыт суукка устатыгар Саха сиригэр 9 ойуур баһаара умуруорулунна, уопсай уот сиэбит иэнэ — 1 166 га. Бу туһунан атырдьах ыйын 3 күнүгэр СӨ Экологияҕо, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Ойууру харыстыыр, көмүскүүр уонна хос үүннэрэр департаменын салайааччыта Николай Никитин брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Баһаардар Үөһээ Дьааҥы, Муома уонна Томпо улуустарыгар умуруорулуннулар. Онуоха тэҥинэн Үөһээ Дьааҥы уонна Ньурба улуустарын сирдэригэр-уоттарыгар 12 гектар иэннээх 3 саҥа ойуур баһаара булулунна. Атырдьах ыйын 3 күнүн сарсыардааҥы туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 86 057 гектар уопсай иэннээх 53 ойуур баһаара турар.
Онтон 43 баһаар кэтэбиллээх сиргэ — уустук суоллаах сиргэ сытар. Ону таһынан, 23 138 гектар уопсай иэннээх 2 ландшафтнай айылҕа баһаара умайа турар. Ааспыт сыл бу күнүгэр Саха сиригэр 523 549 га иэҥҥэ 60 ойуур баһаара турбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаардары умуорууга 337 киһи үлэлии сылдьар. СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан киллэриллибит Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ бэс ыйын 5 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ бары сиригэр-уотугар салҕанан дьайар.
Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар хаалар. Баһаар турар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан ойуур пуондатын сирдэригэр 72 358 гектар уопсай иэннээх 439 ойуур баһаара умуруорулунна. Ойуур баһаардарын 65 буруйдааҕа быһаарылынна, ойуурга уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэспит иһин 148 боротокуол оҥоһулунна.
Айылҕа баһаарын көрдөххүтүнэ, тутатына Ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспатыгар бу нүөмэргэ эрийиҥ: 7 (4112) 44-74-76. Ону таһынан ойуур харыстабылын биир кэлим нүөмэригэр эрийиэххэ сөп: 8-800-100-94-00.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: