Ааспыт сууккаҕа 16 ойуур баһаара умуруорулунна
08.07.2023, 14:00

Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 4 906,5 га иэннээх 16 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрэр.
От ыйын 8 күнүгэр сарсыарда уопсайа 231 065,9 га иэннээх 171 ойуур баһаара баар.
Билигин барыта 56 171,9 га иэннээх 35 ойуур баһаарын 13 оройуоҥҥа умуруораллар. Ол курдук, Алдаҥҥа — 4, Аммаҕа — 5, Бүлүүгэ — 1, Үөһээ Халымаҕа — 4, Эдьигээҥҥэ — 2, Мэҥэ Хаҥаласка — 1, Нерюнгрига — 3, Өймөкөөҥҥө — 2, Өлүөхүмэҕэ — 2, Сунтаарга — 1, Томпоҕо — 1, Уус Маайаҕа — 8, Хаҥаласка — 1.
Уоту утары охсуһууга 891 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: