Ааспыт сууккаҕа 18 баһаары умуруордулар

Share

Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 8749 гаа иэннээх сиргэ 18 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Ол курдук, Усуйаанаҕа — 7, Абыйга — 5, Өлүөхүмэҕэ — 2, Аммаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Муомаҕа, Орто Халымаҕа, Аллайыахаҕа — 1-дии баһаары умуруордулар. Өлүөхүмэҕэ, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа 7 ойуур баһаарын төгүрүттүлэр.

Ол эрээри, авиациянан  уонна космическай кэтээн көрүү түмүгэр, 337 гаа иэннээх сиргэ  саҥа 13 баһаар күөдьүйэн эрэрэ булулунна.

Ойуур баһаардарын умуруорууга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1374 киһи, 65 анал тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Ардаҕы түһэрэр зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлииллэр. «Полярные авиалинии» хампаанньа «Атмосфера» Ан-26 сөмөлүөтэ Халыма-Индигиир умнаһын оройуоннарыгар, Росгидромет Киин аэрологическай обсерваториятын Як-40 сөмөлүөтэ илин эҥээр улуустарга ардаҕы түһэрэргэ үлэлии сылдьаллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай элбэх баһаардар хотугу улуустарга — Орто Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Абыйга, Муомаҕа, Усуйаанаҕа бааллара бэлиэтэнэр.

Бэс ыйын 11 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэгийиэннээҕи эрэсиимэ биллэриллибитэ. Үөһээ Халыма, Усуйаана, Орто Халыма, Томпо, Өлүөхүмэ улуустарыгар олохтоох таһымҥа маннык эрэсиим үлэлиир.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago