Ааспыт сууккаҕа 18 ойуур баһаара умуруорулунна

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр уопсайа 82795,8 га иэннээх 288 ойуур баһаара умуруорулунна диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Ааспыт сууккаҕа 76 810,5 гектар иэннээх 18 ойуур баһаара: Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Бүлүү, Кэбээйи, Муома, Аллараа Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар баара бэлиэтэнэр.
Баһаары умуруорууга 298 киһи үлэлиир. 63% баһаар суһаллык умуруоруллар.
Ааспыт сууккаҕа Абый, Муома, Ленскэй, Томпо уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар уопсайа 5543 га иэннээх 18 ойуур баһаара умуруорулунна.
Сезон саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаара тахсыбытынан 73 киһи буруйданна, ойуурга сылдьыы быраабылатын кэһии иһин 149 боротокуол толоруллубут.
Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар уонна Жатай бөһүөлэгэр анал баһаартан утары эрэсиим олохтонно.
Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Дьааҥы улууһугар биллэриллэн турар.
Өскөтүн ойуур баһаарын буллаххына 8-800-100-94-00 төлөпүөннээн биллэриҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: