Ааспыт сууккаҕа 19 ойуур баһаара умуруорулунна
09.07.2023, 12:16

Галина Мозолевская хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
От ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 289 228,5 га иэннээх 174 ойуур баһаара уонна 256 га иэннээх ландшафтнай баһаар баар.
72 536,5 га иэннээх 34 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар, ол иһигэр Алдаҥҥа — 4, Аммаҕа — 3, Үөһээ Халымаҕа — 4, Эдьигээҥҥэ — 2, Нерюнгрига — 4, Өймөкөөҥҥө — 1, Өлүөхүмэҕэ — 3, Сунтаарга — 1, Томпоҕо — 1, Уус Маайаҕа — 11.
Баһаары утары охсуһууга 922 киһи уонна 28 тиэхиньикэ уонна авиация үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: