Салгыы
Ааспыт сууккаҕа 20 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааспыт сууккаҕа 20 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
12.07.2023, 11:13
Хаартыска: Саха сирин суһал ыстаабын телеграм-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа  өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа    21 327 га иэннээх 20 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан  экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы  Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

6 ойуур баһаара Өймөкөөҥҥө,  3-түү баһаар  –  Нерюнгрига, Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, 2  –  Томпоҕо уонна биир баһаар Амма улууһугар.

Авиационнай уонна космическай кэтээн көрүү түмүгэр, уопсайа 12,3 га иэннээх  7 саҥа ойуур баһаара баара билиннэ.

Бүгүҥҥү  туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 136 ойуур баһаара баар. Уопсай иэнэ 349 644,9 га. Мантан   1527,6 га иэннээх 7 баһаар бохсулунна, ол иһигэр   2 –  Үөһээ Халымаҕа,  биирдии баһаар  –  Алдан, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Мииринэй оройуоннарыгар.

Өймөкөөҥҥө  537 га иэннээх биир  ландшафтнай баһаар баар.

Уоту утары охсуһууга 1140  киһи үлэлиир, ол иһигэр  172 олохтоох дьон.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 апреля
  • 2°C
  • Ощущается: -3°Влажность: 32% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: