Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 21 327 га иэннээх 20 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
6 ойуур баһаара Өймөкөөҥҥө, 3-түү баһаар – Нерюнгрига, Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, 2 – Томпоҕо уонна биир баһаар Амма улууһугар.
Авиационнай уонна космическай кэтээн көрүү түмүгэр, уопсайа 12,3 га иэннээх 7 саҥа ойуур баһаара баара билиннэ.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 136 ойуур баһаара баар. Уопсай иэнэ 349 644,9 га. Мантан 1527,6 га иэннээх 7 баһаар бохсулунна, ол иһигэр 2 – Үөһээ Халымаҕа, биирдии баһаар – Алдан, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Мииринэй оройуоннарыгар.
Өймөкөөҥҥө 537 га иэннээх биир ландшафтнай баһаар баар.
Уоту утары охсуһууга 1140 киһи үлэлиир, ол иһигэр 172 олохтоох дьон.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…