Салгыы
Ааспыт сууккаҕа 3 баһаары умуруордулар

Ааспыт сууккаҕа 3 баһаары умуруордулар

27.07.2024, 12:05
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Абый, Таатта, Ньурба улуустарыгар 16 741 гаа иэннээх сиргэ 3 ойуур баһаарын умуруордулар. Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Уус Маайа оройуоннарыгар 25 тыһыынча гаа иэннээх сиргэ 6 ойуур баһаара бохсулунна. Бу туһунан Саха сирин сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев от ыйын 27 күнүгэр брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.

— Баһаардары умуруорууга 1892 киһи, 183 анал тиэхиньикэ үлэлиир. «Бе-200» амфибия сөмөлүөттэр бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Алдан улуустарыгар үлэлиэхтэрэ. Зондировщик сөмөлүөттэр кэтэһии эрэсиимигэр олорллор, — диэн кини эттэ.

От ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 21 улууска  115 ойуур баһаара, 1 ландшафтнай баһаар баар.

Бу сааскыттан саҕалаан, 1,5  мөлүйүөн гаа иэннээх 704 баһаары умуруордулар.

Саха сиригэр ойуурга федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ үлэлииллэр. 8 улууска муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ оннунан хаалар.

Бэс ыйын 26 күнүттэн баһаары утары эрэсиим киирбитинэн, ойуурга сылдьарга хааччахтар бааллар уонна айылҕаҕа сылдьан уоту оттуу бобуллар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 октября
  • -6°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 73% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: