Ааспыт сууккаҕа Абый, Таатта, Ньурба улуустарыгар 16 741 гаа иэннээх сиргэ 3 ойуур баһаарын умуруордулар. Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Уус Маайа оройуоннарыгар 25 тыһыынча гаа иэннээх сиргэ 6 ойуур баһаара бохсулунна. Бу туһунан Саха сирин сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев от ыйын 27 күнүгэр брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
— Баһаардары умуруорууга 1892 киһи, 183 анал тиэхиньикэ үлэлиир. «Бе-200» амфибия сөмөлүөттэр бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Алдан улуустарыгар үлэлиэхтэрэ. Зондировщик сөмөлүөттэр кэтэһии эрэсиимигэр олорллор, — диэн кини эттэ.
От ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 21 улууска 115 ойуур баһаара, 1 ландшафтнай баһаар баар.
Бу сааскыттан саҕалаан, 1,5 мөлүйүөн гаа иэннээх 704 баһаары умуруордулар.
Саха сиригэр ойуурга федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ үлэлииллэр. 8 улууска муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ оннунан хаалар.
Бэс ыйын 26 күнүттэн баһаары утары эрэсиим киирбитинэн, ойуурга сылдьарга хааччахтар бааллар уонна айылҕаҕа сылдьан уоту оттуу бобуллар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…