Салгыы
Ааспыт сууккаҕа 6 баһаары умуруордулар

Ааспыт сууккаҕа 6 баһаары умуруордулар

07.06.2024, 13:30
Хаартыска: "Авиалесоохрана" ФБУ
Бөлөххө киир:

Ааспыт суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уоту утары охсуһааччылар барыта 6  баһаары умуруордулар. Ону тэҥэ, саҥа 10 баһаар күөдьүйбүтүн буллулар.

Экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, 949,2 гаа иэннээх сиргэ 5 ойуур баһаарын, 2 гаа иэннээх сиргэ  1 ландшафтнай баһаары умуруордулар.

Ону тэҥэ, 99 гаа иэннээх сиргэ 8 ойуур баһаара, 42 гаа иэннээх сиргэ 2 ландшафтнай баһаар саҥа күөдьүйбүтүн буллулар.

Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 61 001 гаа иэннээх сиргэ 32 ойуур баһаара, Үөһээ Халыма улууһугар 40 гаа иэннээх сиргэ 1 ландшафтнай баһаар баар. 568 киһи, 29 тиэхиникэ үлэлии сылдьар.

18 сөмөлүөт үөһэттэн кэтээн көрүүгэ, 4 бөртөлүөт уоту умуруорууга үлэлииллэр.

— Баһаардары улаатыннарбакка, тута умуруора охсорго туох баар миэрэлэр ылыллаллар. Бу баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннарга, экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттала суохтар, — диэн Андрей Коноплев эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 июля
  • 17°C
  • Ощущается: 16°Влажность: 63% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: