Ааспыт сууккаҕа 7 ойуур баһаарын умуруордулар

Ааспыт сууккаҕа 7 ойуур баһаарын умуруордулар

17.07.2025, 12:20
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 139 га иэннээх сиргэ  7 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан Суһал ыстаап иһитиннэрэр.

2025 сыл от ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, Сунтаар оройуонугар 20 га иэннээх сиргэ 1  ойуур баһаара турбута билиннэ. Баһаары бохсууга 35 киһи уонна 2 тиэхиньикэ  үлэлиир.

Тэҥнээн көрөр буоллахха, былырыын баччаларга Саха сиригэр 938 тыһыынча га иэннээх сиргэ 169 баһаар баар этэ.

Уопсайа сайын саҕаланыаҕыттан 63114,05 га иэннээх сиргэ  353 айылҕа баһаарын умуруордулар, ол иһигэр ойуур пуондатыгар  уопсайа 56637,05 га иэннээх  сиргэ 159 ойуур баһаара турбута.

Баһаары таһаарбыт 65 буруйдаах быһаарыллан, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 137 боротокуол оҥоһулунна.

Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр, тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7 (4112) 44-74-76 нүөмэргэ уонна ойуур харыстабылын нүөмэригэр — 8-800-100-94-00  эрийиҥ.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/8437

Бары сонуннар
Салгыы
17 июля
  • 29°C
  • Ощущается: 29°Влажность: 48% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: