Ааспыт сууккаҕа 7 ойуур баһаарын умуруордулар

Share

Ааспыт сууккаҕа баһаарынайдар  400,2 гаа иэннээх сиргэ 7 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплёв брифинг кэмигэр эттэ.

Ол курдук, Дьааҥы, Кэбээйи, Сунтаар уонна Уус-Маайа улуустарыгар баһаардары умуруордулар.

От ыйын 28 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 16 559 гаа иэннээх сиргэ 23 ойуур баһаара уонна 12 644 гаа иэннээх 3 хонуу баһаара баар. Кинилэри умуруорууга 324 киһи үлэлии сылдьар.

Тэҥнээн көрөр буоллахха, былырыын баччаларга 1 мөл. гаа иэннээх сиргэ 131 ойуур баһаара умайара.

Уопсайа сайын саҕаланыаҕыттан 65 346,3 гаа иэннээх сиргэ 406 ойуур баһаарын умуруордулар, ол иһигэр  57 782,26 гаа иэннээх ойуур пуондатын сирдэригэр 213 ойуур баһаара турбут.

Сезон саҕаланыаҕыттан 65 буруйдаах быһаарылынна, ойуурга баһаарыттан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 145 боротокуол оҥоһулунна.

Ойуур баһаарын биллэххинэ, тута 7 (4112) 44-74-76 нүөмэргэ Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар эрийиҥ. Өссө биир нүөмэр: 8-800-100-94-00.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/8940

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

4 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

5 часов ago