Хаартыска: SakhaGov
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 139 га иэннээх сиргэ 7 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан Суһал ыстаап иһитиннэрэр.
2025 сыл от ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, Сунтаар оройуонугар 20 га иэннээх сиргэ 1 ойуур баһаара турбута билиннэ. Баһаары бохсууга 35 киһи уонна 2 тиэхиньикэ үлэлиир.
Тэҥнээн көрөр буоллахха, былырыын баччаларга Саха сиригэр 938 тыһыынча га иэннээх сиргэ 169 баһаар баар этэ.
Уопсайа сайын саҕаланыаҕыттан 63114,05 га иэннээх сиргэ 353 айылҕа баһаарын умуруордулар, ол иһигэр ойуур пуондатыгар уопсайа 56637,05 га иэннээх сиргэ 159 ойуур баһаара турбута.
Баһаары таһаарбыт 65 буруйдаах быһаарыллан, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 137 боротокуол оҥоһулунна.
Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр, тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7 (4112) 44-74-76 нүөмэргэ уонна ойуур харыстабылын нүөмэригэр — 8-800-100-94-00 эрийиҥ.
Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/8437
“Ежевика тымырдары бөҕөргөтөр кыахтаах. Састаабыгар С битэмиини уонна антиоксиданнары булуохха сөп”, - диэн диетолог, терапевт-быраас…
Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр түөлбэлэр бэрт көхтөөх үлэни ыыталлар. "Сардаҥа" түөлбэ актыыба иһитиннэрбитинэн, "Бастыҥ уопсастыбаннай…
Полицейскайдар уопсайа 14 мөл. солк. суумалаах 2,5 киилэ ыйааһыннаах кыһыл көмүһү лицензията суох сууйбут икки …
Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, «Мындыр саас - көхтөөх уһун үйэлэнии» бырайыак чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥалас…
Тэрилтэ дьоно үлэни биэрээччи уонна бэйэтин быраабын ситэри билбэтэ баар буолар. Ол да иһин, тустаах…
Күһүн үгэнэ — балаҕан ыйын 14 күнүттэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри, барыта 11 күн.…