Ааспыт сууккаҕа дьиэ үрдүттэн сууллан, икки киһи тыына быһынна
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 9 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ таҕыста. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Ол иһигэр, Дьокуускай куоракка 1959 с.т. эр киһини өлөрүү түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, уорбаланааччы дьахтар билиннэ. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар биир киһиэхэ эт-хаан эчэйиитэ оҥоһуллубут, Дьокуускайга уонна Таатта оройуонугар атын киһи бэлисипиэтин уоруу икки түгэнэ бэлиэтэммит.
Дьокуускай куоракка, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар түөкүннээһин 4 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, чуолаан, Алдан оройуонугар мэдиссиинэ үлэһититтэн 414 тыһ. тахса харчытын албыннаан ылбыттар. Оттон Нерюнгри куоракка наркотигы былдьаабыттар.
Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр 1990 с.т. эр киһи дьиэ үрдүгэр өрөмүөн оҥоро сылдьан үөһэттэн сууллан олоҕо быһынна. Дьокуускай куорат 202 микрооройуонугар баар дьиэ 7-с этээһиттэн 1974 с.т. эр киһи түннүгүнэн түһэн өллө.
Саха сиригэр биир техногеннай баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ, эчэйбит, өлбүт киһи суох.
Чурапчы оройуонун «Халыма» федеральнай айан суолун 146 км «Тойота Премио» мааркалаах массыыналаах суоппар уруулун сатаан туппакка, суолтан суулунна. Суол быһылаанын түмүгэр улахан эт-хаан эчэйиитин ылан олоҕо быһынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: