Хаартыска: ЫБММ пресс-сулууспата
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 80 тыһ. тахса гектар иэннээх сиргэ биэс ойуур баһаара умуруорулунна уонна өссө биэс тохтотулунна. Сарсыарда от ыйын 26 күнүнээҕи дааннайынан Саха сиригэр 99 ойуур бааһара уонна биир ландшафтнай ойуур баһараа турбута биллэр диэн Саха сиринээҕи ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суукка иһигэр уот туруутун утары охсуһууга 126 киһи уонна биэс тиэхиньикэ эбилиннэ. Чэппиэргэ ЫБММ Бе-200 амфибия-сөмөлүөтэ Үөһээ Бүлүү уонна Кэбээйи улуустарыгар ойуур баһаарын умуруорууга туһаныллыбыт, 194 туонна уу быраҕыллыбыт. Ми-8 бөртөлүөтүөнэн Үөһээ Бүлүү улууһугар уопсайа 126 туонна уу кутулунна.
«Бүгүн биэдэмистибэ авиацията Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи уонна Алдан оройуоннарынан үлэтин салгыаҕа. Дабаан, Быракаан, Белая Гора, Сайдыы уонна Токума сэлиэнньэлэригэр баһаары умуруорууга Арассыыйа ЫБМ аэромобильнай бөлөҕө үлэлиэҕэ», — диэн иһитиннэрдэ Арассыыйа ЫБМ Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга Павел Гарин, .
Ойуур баһаарын бохсууга 1975 киһи уонна 187 тиэхиньикэ кытынна. Ураты хонтуруолга 13 ойуур баһаарар ылылынна, ордук Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарынан.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…