Ааспыт сууккаҕа үс ойуур баһаарын умуллардылар

Ааспыт сууккаҕа Алдан, Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар уопсайа 47 га иэннээх 2 ойуур баһаара уонна 3 га иэннээх 1 сир баһаара умулунна.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплёв брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Абый, Нерюнгри уонна Томпо улуустарыгар 8 га иэннээх 2 ойуур баһаара уонна 4 га иэннээх “ландшафтнай” дэнэр сир баһаара бэлиэтэммит. Ыам ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар Ленскэй, Муома, Нерюнгри, Томпо уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар 629 га иэннээх 6 ойуур баһаара умайа турара салҕанан бара турар. Ону таһынан, Абый улууһугар 4 га иэннээх 1 “ландшафтнай” сир баһаара умайар. Баһаары умуруорууга 49 киһи уонна 1 тиэхиньикэ кытынна. Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 29 727 га иэннээх 265 ойуур баһаара умулунна, ол иһигэр 24 189 иэннээх ойуур пуондатын сирдэригэр 89 ойуур баһаара турбут.
Дьааҥы улууһугар, Жатай уонна Дьокуускай куорат уокуруктарыгар анал баһаарынай эрэсиим олохтонно. Баһаар барыытын сүрүн төрүөтэ – баһаары бохсор анал ирдэбили тутуспат киһи сыыһа дьаһаныыта. Сезон саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаарын 32 буруйдааҕын буллулар. Ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 80 боротокуол оҥоһулунна.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/5351 сигэнэн билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: