Ааспыт сыл үтүө түмүктэрэ, үүммүт сыл сайдар кэскиллэрэ
Ааспыт сылга кэккэ салааларга кэскиллээх бырайыактар олоххо киирдилэр, олох уйгутун сайыннарар экэниэмикэ бигэ туруктаах түмүктэннэ, үүммүт 2024 сыл соруга торумнанна.
САХА СИРИН ЭКЭНИЭМИКЭТЭ
Саха сирэ кэнники сылларга кэлимник сайдар, дойду экэниэмикэтигэр тирэх буолар биир бастыҥ эрэгийиэнинэн буолары ситистэ. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ эрэгийиэннээҕи баалабай бородууктаны оҥоруута 2,3 трлн солк. тэҥнэстэ, үрдээһинэ 3,5% буолла. Кэнники биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ гааһы уонна ньиэби хостооһун көрдөрүүтэ үрдээтэ. Ааспыт сыл бүтэһик ыйдарыгар гааһы хостооһун 2022 сыллааҕар 13,1% үрдээтэ. Оттон алмааһы, таас чоҕу уонна көмүһү хостооһун кэриҥэ бигэ туруктааҕа бигэргэннэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин экэниэмикэтэ туруктаах буолан, билиҥҥи уустук кэмҥэ дойду экэниэмикэтин тирэҕинэн буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээн турар. Кэнники сылларга Уһук Илини уонна Арктиканы кэлимник сайыннарыы балысханнык барарыгар үлүгэрдээх үлэ баран эрэр.
СИР АННЫНААҔЫ БААЙ
Өрөспүүбүлүкэҕэ бүтүн Уһук Илин уокуругун уонна ньиэби, гааһы, алмааһы итиэннэ көмүһү таска таһаарыыны уларыта тутар кыахтаах бөдөҥ бырайыактар көҕүлэннилэр. Ол курдук, ааспыт сылга Ленскэй оройуонугар 550 МВт кыамталаах Новоленскай ТЭС тутуута саҕаланна. Саҥа ыстаансыйаҕа гааһы таһарга анаан Орто Ботуобуйаттан Ленскэйгэ диэри магистральнай гаас ситимэ тардыллыахтаах. Оччоҕо уотунан уонна гааһынан хааччыллыы тиһигэ тупсуохтаах, аны туран, исписэлиистэр ааҕалларынан, 500 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Орто Ботуобуйаны баһылааһын өссө биир саҥа бырайыак олоххо киириитин хааччыйыаҕа – айылҕа гааһыттан гелийи таҥастыыр саҥа тиһик оҥоһуллуоҕа. Былаан быһыытынан гелийи хостооһун 2025 сылтан саҕаланыаҕа, оттон толору кыаҕынан 2028 сылга үлэлиэхтээх.
АЛРОСА хампаанньа Мииринэйгэ «Мир-Глубокий» сир анныттан хостуур руднигын тутан саҕалаан эрэр, бу дойдуга эрэ буолбакка, аан дойдуга алмааһы хостуур биир саамай бөдөҥ эбийиэгинэн буолуохтаах.
Аны Саха сирин соҕуруу өттүгэр баар, Элгэтээҕи чохтоох сиргэ, өссө икки байытар баабырыка үлэҕэ киириэҕэ.
ЫРААС УУ – ОЛОХ ТӨРДӨ
«Ыраас уу» диэн эрэгийиэннээҕи бырагыраама олоххо киириитэ салҕанар. Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар быйыл уунан хааччыйар өссө алта саҥа эбийиэги үлэҕэ киллэрэр былаан баар. Быйыл Горнай Бэрдьигэстээҕэр, Хаҥалас Бэстээҕэр, Амма Алтаныгар, Ньурба, Өлүөхүмэ куораттарга уонна Дьааҥы Баатаҕайыгар саҥа эбийиэктэр арыллыахтара.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна Сбербаан сөбүлэҥ түһэрсэннэр Аллайыаха улууһун Чокуурдааҕар модульнай канализационнай-сууйар эбийиэк туруоруллуохтаах. Маннык үлэ инникитин даҕаны, дойдуну кириисис эрэ хаарыйбатар, салҕанан барарыгар эрэл баар.
ДОРУОБУЙА ХАРЫСТАБЫЛА
Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан элбэх балыыһа тутуллан үлэҕэ киирдэ.
Доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуу тэтимнээхтик барар. Соторутааҕыта Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ поликлиника үлэҕэ киирдэ. Бу 2026 сылга диэри тыа сирдэригэр тутуллуохтаах уон түөрт бөдөҥ мэдиссиинэ эбийиэгиттэн биирдэстэрэ.
Сотору маннык балыыһа комплекстара Чурапчыга уонна Хонууга тутуллан киириэхтэрэ. Кэлэр сылга Уус Маайаҕа уонна Сунтаар улууһун Элгээйитигэр киирээри тураллар.
2025 с. диэри Аммаҕа поликлиника, Бүлүүгэ, Аллара Бэстээххэ, Намҥа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Майаҕа тутуллуохтара.
Ааспыт сылга Уһук Илин тэҥэ суох аныгы оборудованиенан сэбилэммит Кардиологическай киинэ үлэҕэ киирбитин бары билэбит. Аны Онкология киинэ тутуллан дьэндэйдэ, ол эрээри, аныгы оборудованиелары таҥан туруорарга көҥүл бэриллибэккэ, атахтанан турар. Сотору силигэ ситэн, үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбит.
ҮӨРЭХ КЫҺАТЫН ТУТУУ
«Үөрэх баар – бараммат баай» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыллар. Үөрэхтээх, билиилээх буоллаххына, сайдыылаах буоларыҥ биллэр. Оттон үчүгэй, хаачыстыбалаах үөрэҕи-билиини усулуобуйа баар буоллаҕына ылаҕын. Бу чааһыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата улахан болҕомтотун уурарын, сылга 20-чэ саҥа тутуу үлэҕэ киирэрин көрө-билэ сылдьабыт.
Кырдьык, кэлиҥҥи сылларга үөрэхтээһин инфраструктуратын сайыннарыыга, саҥа оскуолалары, оҕо уһуйааннарын тутууга күүстээх үлэ барар. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ 57 оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна. Ону таһынан саҥа 14 оскуола, 6 оҕо уһуйаана тутуллан киирдэ. Ол иһигэр Дьокуускай куорат «Прометей» оройуонугар уонна Горнай Бэрдьигэстээҕэр улахан саҥа оскуолалар киирдилэр. Ааспыт сыл бүтүүтэ Хатас орто оскуолатын саҥа эбии куорпуһа үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киирдэ.
Манна бэлиэтээн аһардахха, бу тутуллубут саҥа эбийиэктэр бары аныгылыы оҥоһуулаахтар, ирдэбилгэ эппиэттииллэр. Оттон быйыл 6 оҕо уһуйаана уонна 18 оскуола тутуллан үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар. Бу курдук, сыл аайы аныгылыы саҥа оскуолалар, оҕо уһуйааннара тутуллан киирдэхтэринэ оҕолорбут дэлэлээх абыраныа этилэр дуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: