Салгыы
 Ааспыт сылга Саха сиригэр 11 тыһыынча кырачааҥҥа генетика скрининэ оҥоһулунна

 Ааспыт сылга Саха сиригэр 11 тыһыынча кырачааҥҥа генетика скрининэ оҥоһулунна

21.02.2024, 12:48
Хаартыска: Ил Дархан пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Былырыын Саха сиригэр киэҥ хабааннаах неонатальнай-генетическэй скрининг 11059 саҥа төрөөбүт кырачааҥҥа  (99%) оҥоһулунна. Ол түмүгэр биир «ДиДжорджи» синдромун сибикитэ булулунна.

Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Киэҥ хабааннаах неонатальнай скрининг бырагыраамата дойдуга 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаламмыта. Кырачаан төрөөбүтэ бастакы күннэригэр ылыллыбыт хаан анаалыһыттан төрүүрүгэр уонна утумунан бэриллибит ыарыылары  саҥа сайдар кэмнэригэр быһаараллар.

Утумунан бэриллэр 36 ыарыыны чинчийии былырыыҥҥыттан ыытыллыбыта. Скрининг ыарыыны эрдэ булар уонна эмтэниини суһаллык саҕалыыр туһугар ыытыллар. Ити  төрүүллэригэр ыарыылаах кэлбит кырачааннар олохторун хаачыстыба биллэ тупсарыгар көмөлөһөр, инбэлииккэ тахсыы уонна өлүү кутталын аҕыйатар.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  неонатальнай скрининг бырагырааматын түһүмэҕинэн кэҥэтэргэ эрэгийиэннэр бырабыыталыстыбаларыгар уонна салалталарыгар сорудахтаабыта.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: