Ааспыт сылга Саха сиригэр ханнык идэлэргэ ордук наадыйбыттарый?

Share

hh.ru рекрутинговай онлайн-ресурс ырытааччылара 2024 сылга Саха сиригэр 40 тыһыынчаттан тахса бакаансыйаны үөрэтэн, үлэни биэрээччилэр ордук ханнык идэлэргэ наадыйалларын быһаардылар.

Онуоха инники кэккэҕэ  суоппардар таҕыстылар, үлэни биэрээччилэр 3,9 тыһыынча оробуочай миэстэҕэ наадыйбыттар. Иккискэ 2,3 тыһыынча машинист миэстэтэ таҕыста. Онтон үһүс миэстэни атыы-эргиэн менеджердэрэ уонна килийиэннэри кытары үлэҕэ мененджердэр үллэһиннилэр (2,2 тыһыынча этии киирбит).

Дьиктитэ диэн, Арассыыйа уопсай рейтинигэр  арыый атын хартыына тахсан кэлэр: бастатан туран,  атыыга уонна килийиэннэри кытары үлэҕэ менеджергэ, онтон атыыһыттарга уонна суоппардарга наадыйаллар.

Саха сиригэр уон ордук наадалаах идэҕэ өссө бааллар: атыыһыт-консультаннар уонна атыыһыт-кассирдар (2,1 тыһыынчалыы бакаансыйа), оробуочайдар  (1,8 тыһыынча), силиэсэрдэр уонна сантехниктар  (0,9 тыһыынчалыы), ону сэргэ  асчыттар, килиэп оҥорооччулар, кондитердар, буҕаалтырдар, сварщиктар уонна  и электромонтажниктар (0,8 тыһыынчалыы).

2024 сылга улаханнык наадыйыллыбатах идэлэринэн дата-сайентистар, гейм-дизайнердар уонна  продюсердар буоллулар¸кинилэргэ сылга уонтан тахса эрэ бакаансыйа аһылла сылдьыбыт.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Хатаска мас-рестлиҥҥэ Дьокуускай чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа

Тохсунньу 25 күнүгэр Хатаска "Көмүс мас" мас-рестлиҥҥэ күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Бу күрэхтэһии Дьокуускай аһаҕас чөмпүйэнээтин быһыытынан…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Арыгылаары, доҕорун бэлисипиэдин уорбут

Дьокуускайдааҕы ИДьМ 3-с №-дээх салаатыгар олохтоох киһи 45 тыһ. солк. суумалаах бэлисипиэдин уордарбытын туһунан иһитиннэрбит.…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Дальний Восток — земля приключений» куонкурус туризм сайдыытыгар көмөлөһөр

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы -- Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев "Россия 24"…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Өлөөҥҥө тохсунньу ый тымныйда

Өлөөн улууһугар  тохсунньу ыйы быһа тымныы күн-дьыл турар. Ол курдук, ахсынньы ый бүтүүтэ кыһын баарын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Чурапчы норуодунай тыйаатырын 70-ус сс. ыччаттарын ахтан-санаан ааһыахха

РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа П.М.Решетников аатынан Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 70-ус сылларга үлэлээбит ыччаттары…

3 часа ago
  • Бэрээдэк

Ньурбаҕа эр киһи кыыһыран баран, таҥас сууйар массыынаны алдьаппыт

Ньурба оройуоннааҕы ИДьМ салаатыгар олохтоох дьахтар төлөпүөннээн, бииргэ олорор киһитэ кыыһыран баран, дьиэ иһинээҕи малы-салы…

4 часа ago