Ааттарын үйэтитэргэ көмөлөһүҥ!
Биллэрин курдук, ханнык баҕарар сэриигэ өстөөх илиитигэр түбэһиини билиэҥҥэ түбэспит дииллэр. 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Кыһыл Аармыйа 5,2-5,7 мөл. саллаата уонна эписиэрэ ньиэмэстэргэ билиэҥҥэ түбэһэн сору көрбүтэ. Сэрии кэнниттэн кинилэртэн 2 мөл. кэриҥэ киһи дойдутугар ССРС-ка эргиллибитэ.
1941-1945 сс. сэрии кэмигэр саха саллааттара эмиэ билиэҥҥэ түбэспиттэрэ уонна концлааҕырдарга ыытыллыбыттара. Билиэҥҥэ түбэспит сахалар ортолоругар ханнык даҕаны таҥнарыахсыт уонна үспүйүөн суоҕа, үгүстэрэ нууччалыы да билбэт, төрөөбүт нэһилиэктэриттэн уонна улуустарыттан ырааппатах дьон этилэр.
Билиэҥҥэ түбэспиттэр ортолоруттан биллиилээх дьон тахсыбыта. Холобура, Алексеев Михаил Андреевич хаайыыттан босхолонон баран, реабилитацияламмыта. Ол кэнниттэн учууталынан үлэлээн, ССРС норуодунай учууталынан буолбута. Саха саллааттарыттан хас киһи билиэҥҥэ түбэспитэй? Манна чуолкай эппиэти ким да биэрэ илик. Арай Гуманитарнай чинчийии институтун научнай үлэһитэ М.Э.Грязнухина маннык суруйуута баар: “После спецпроверки в фильтрационных лагерях в Якутию вернулись свыше тысячи человек” (Якутский архив. – 2005. – №1-с. 42).
Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Улуу Кыайыы 80-с сылын көрсө тэрээһин уонна бэлэмнэнии үлэлэр саҕаланнылар. Онон сибээстээн, СӨ Бырабыыталыстыбата үбүлээн таһаарыахтаах кинигэ-альбомугар уопсастыбаннас көрдөһүүтүнэн билиэҥҥэ сылдьыбыт уонна байыаннай трибуналларынан сууттаммыт уонна реабилитацияламмыт саха саллааттарын туһунан кыракый матырыйааллары киллэриэххэ сөп диэн эрэннэрдилэр.
Онон нэһилиэктэр уонна улуустар салайааччыларыттан, түмэллэр уонна архыыптар үлэһиттэриттэн, кыраайы үөрэтээччилэртэн манныктары көрдөһөбүт:
1. 1941-1944 сс. уонна 1945 с. аармыйаҕа ыҥырыы туһунан бэбиэскэлэр биир эмэ ыалга, архыыптарга уонна түмэллэргэ хаалбыт (баар) буолуохтарын сөп. Ону ыытыҥ.
2. Билиэҥҥэ түбэһэн омук дойдуларыгар өлбүт, дойдуларыгар төннүбүт, концлааҕыртан босхоломмут биир дойдулаахтарбыт туһунан нэһилиэктэринэн (улуустарынан) испииһэктэр наадалар. Бу дьоммут ааттара-суоллара өрөспүүбүлүкэ кинигэтигэр киириэ этилэр.
3. Билигин биллибитинэн, Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт дьонтон 54 киһи былааһы утары тыллаһан уонна куолулаан, холуобунай буруйу оҥорон, трибуналынан сууттаммыттар бааллар. Кинилэр бары 1989-1992 сс. реабилитацияламмыттара. Быйыл тахсыахтаах кинигэҕэ испииһэктэрэ киириэн сөп диэтилэр.
4. Билиэҥҥэ түбэспит сахалартан аҕыйах киһи күрээн, концлааҕырдартан куотан Европа дойдуларыгар тиийбиттэрэ биллэр. Онон кинилэр биографияларын чуолкайдаан, эмиэ араас өйдөбүнньүктэргэ киллэриэххэ.
Онон, нэһилиэктэр уонна улуустар актыбыыстара, кэлин чуолкайдаммыт буоллахтарына, сураҕа суох сүппүттэр, билиэҥҥэ сылдьыбыттар, байыаннай трибуналынан сууттаммыттар уона омук дойдуларыгар тиийэн фашистары утары сэриилэспит уонна көмүс уҥуохтара онно хаалбыт дьон ааттарын үйэтитиигэ көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбин.
Николай Николаев,
үлэ бэтэрээнэ.
Дьокуускай к.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: