Ааттарын үйэтитэргэ көмөлөһүҥ!

Share

Биллэрин курдук, ханнык баҕарар сэриигэ өстөөх илиитигэр түбэһии­ни билиэҥҥэ түбэспит дииллэр. 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии­гэ Кыһыл Аармыйа 5,2-5,7 мөл. саллаата уонна эписиэрэ ньиэмэстэргэ билиэҥ­ҥэ түбэһэн сору көрбүтэ. Сэрии кэнниттэн кинилэртэн 2 мөл. кэриҥэ киһи дойдутугар ССРС-ка эргиллибитэ. 

1941-1945 сс. сэрии кэмигэр саха саллааттара эмиэ билиэҥҥэ түбэспиттэрэ уонна конц­лааҕырдарга ыытыллыбыттара. Билиэҥҥэ түбэспит сахалар ортолоругар ханнык даҕаны таҥнарыахсыт уонна үспү­йүөн суоҕа, үгүстэрэ нууччалыы да билбэт,  төрөөбүт нэһилиэктэриттэн уонна улуустарыттан ырааппатах дьон этилэр.

Билиэҥҥэ түбэспиттэр ортолоруттан биллиилээх дьон тахсыбыта. Холобура, Алексеев Михаил Андреевич хаайыыттан босхолонон баран, реабилитацияламмыта.  Ол кэнниттэн учууталынан үлэлээн, ССРС норуодунай учууталынан буолбута.  Саха саллааттарыттан хас киһи билиэҥҥэ түбэспитэй? Манна чуолкай эппиэти ким да биэрэ илик. Арай Гуманитарнай чинчийии институтун научнай үлэһитэ М.Э.Грязнухина маннык суруйуута баар: “После спецпроверки в фильтрационных лагерях в Якутию вернулись свыше тысячи человек” (Якутский архив. – 2005. – №1-с. 42).

Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Улуу Кыайыы 80-с сылын көрсө тэрээһин уонна бэлэмнэнии үлэлэр саҕаланнылар. Онон сибээс­тээн, СӨ Бырабыыталыстыбата үбүлээн таһаарыахтаах кинигэ-альбомугар уопсастыбаннас көрдөһүүтүнэн билиэҥҥэ сылдьыбыт уонна байыаннай трибуналларынан сууттаммыт уонна реабилитацияламмыт саха саллаат­тарын туһунан кыракый матырыйаал­лары киллэриэххэ сөп диэн эрэннэрдилэр.

Онон нэһилиэктэр уонна улуустар сала­йааччыларыттан, түмэллэр уонна архыыптар үлэһиттэриттэн, кыраайы үөрэтээччилэртэн манныктары көрдөһөбүт:

1. 1941-1944 сс. уонна 1945 с. аармы­йаҕа ыҥырыы туһунан бэбиэскэлэр биир эмэ ыалга, архыыптарга уонна түмэллэргэ хаалбыт (баар) буолуохтарын сөп. Ону ыытыҥ.

2. Билиэҥҥэ түбэһэн омук дойдуларыгар өлбүт, дойдуларыгар төннүбүт, концлааҕыртан босхоломмут биир дойдулаахтарбыт туһунан нэһилиэктэринэн (улуустарынан) испии­һэктэр наадалар. Бу дьоммут ааттара-суол­лара өрөспүүбүлүкэ кинигэтигэр киириэ этилэр.

3. Билигин биллибитинэн, Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт дьонтон 54 киһи былааһы утары тыллаһан уонна куолулаан, холуобунай буруйу оҥорон, трибуналынан сууттаммыттар бааллар. Кинилэр бары 1989-1992 сс. реабилитацияламмыттара. Быйыл тахсыахтаах кинигэҕэ испииһэктэрэ киириэн сөп диэтилэр.

4. Билиэҥҥэ түбэспит сахалартан аҕы­йах киһи күрээн, концлааҕырдартан куотан Европа дойдуларыгар тиийбиттэрэ биллэр. Онон кинилэр биографияларын чуолкайдаан,  эмиэ араас өйдөбүнньүктэргэ киллэриэххэ.

Онон, нэһилиэктэр уонна улуустар актыбыыстара, кэлин чуолкайдаммыт буоллахтарына, сураҕа суох сүппүттэр, билиэҥҥэ сылдьыбыттар, байыаннай трибуналынан сууттаммыттар уона омук дойдуларыгар тиийэн фашистары утары сэриилэспит уонна көмүс уҥуохтара онно хаалбыт дьон ааттарын үйэтитиигэ көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбин.

Николай Николаев,

үлэ бэтэрээнэ.

Дьокуускай к.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

33 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

3 часа ago