Аатырбыт «Эдэр саас» ыччат хаһыата үбүлүөйдээх 30 сылын бэлиэтиир

Share

Сэтинньи 18 күнүгэр  «Саха сирэ» хаһыат иһинэн үлэлээбит аатырбыт «Эдэр саас» ыччакка аналлаах хаһыат төрүттэммитэ 30 сылын бэлиэтиир. 

Бу суолталаах бэлиэ күн чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буола тураллар. Бүгүн «Саха» НКИХ «Саҥа күн» биэриитигэр «Эдэр саас» хаһыакка үлэлээбит кэллиэгэлэрбит, «Саха сирэ» хаһыат  бас-көс суруналыыстара  Сардаана Баснаева, Ангелина Васильева уонна билигин хаһыат «Эдэр саас» сыһыарыытыгар эппиэттээх ХИФУ устудьуона Эльдар Садовников кыттыыны ыллылар.

Хаартыска -- Елена Потоцкая түһэриитэ

Биһиги кэллиэгэлэрбит «Эдэр саас» хаһыат туһунан санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүбүт.

Ааҕааччылары кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһии үлэһит, устудьуон ыччат, эдэр ыал туох баар ыйытыыларыгар барытыгар  оччотооҕу “ Эдэр саас” болҕомтотун ууран, ылсан, күүскэ үлэлэспитэ. Улуустарынан “Эдэр саас” күннэрин тэрийии — бу улахан хамсааһынынан буолбута. Ыччаттары кытта сирэй көрсөн сэһэргэһэн, эдэр киһи кини түбүгүн, үлэтин, ситиһиитин, санаатын  истэн, билэн, көрөн, хаһыакка суруйуу, кэпсэтиини таһаарыы,  санаа үллэстиитэ бол5омтону тардыбыта. Хаһыат күннэрэ улуустарга  далааһыннаахтык тэриллибиттэрэ. Ону билигин да күндүтүк ахтар-саныыр киһи элбэх. Ыччат хаһыатын кылаабынай  эрэдээктэрэ Иван Ушницкай Москваҕа лауреат аатын ылан кэлиитэ барыбыт үөрүүбүтүнэн буолбута, — диэн ахтар бэчээт туйгуна Сардаана Баснаева.

Мин устудьуоннуу киирээт,»Эдэр саас» тэриллиэҕиттэн үлэлэһэбин. »Устудьуон доҕорум» диэн анал балаһаны таһаарарбыт. 1998 с. үлэлии кэлбитим. 2014-2015 сс. эрэдээктэрдии сылдьыбытым. »Эдэр саас» ыччаты бырамыысыланнаска, тыа сиригэр, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах бырайыактары үлэлэппитэ. »Саха ыччатын — бырамыысыланнаска», »От-шоу», »Саха ыччатын — тыа сиригэр» бырайыактар элбэх ыччаты хабан, көдьүүстээхтик үлэлээбиттэрэ. Холобур, уон төгүл ыытыллыбыт »СЫП» бырайыакка 400-чэ оҕо кыттан, Мирнэй, Ленскэй, Нерюнгри, Алдан оройуоннарыгар АЛРОСА курдук бөдөҥ  бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ баран эспэдииссийэлээбиттэрэ, үгүстэрэ тиэхиньиичэскэй идэлэри талбыттара, — диэн бэлиэтиир «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстарын түмсүүтүн салайааччыта Ангелина Васильева.

Бүгүҥҥү «Эдэр саас» сыһыарыы ыччаты бэрт сэргэхтик бэйэтин тула хомуйан, суруйууга көҕүлээн эрэр. Ыччат  эт саастыы дьонун туһунан  ааҕарын сөбүлүүр: ким эрэ холобур оҥостор, ким эрэ туохха эмэ үөрэнэр. Устудьуоннары көҕүлүүр туһуттан сыһыарыыбытыгар араас тиэмэҕэ ырыытыы матырыйаал, эдэр ыал, хамнастаах устудьуоннар, ыччат кэпсээннэрэ тахсаллар.  Саха суруналыыстыката сарсыҥҥылаах, сайдар саргылаах буолара, биһигиттэн, эдэр дьонтон тутулуктаах эппиэтинэһин толору өйдүүбүт. Ким да ону биһиги оннубутугар оҥорон, толорон биэриэ суоҕа. Аҕыйах, биэс-уон сылынан, саҥа айар көлүөнэ дьон кэлиэ турдаҕа. Онон бүгүн  хорутуулаахтык үлэлии сылдьар уопуттаах суруналыыстартан, билиҥҥи ыччат бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан, үөрэнэбин, билиибин хаҥатабын,  суруйар баҕалаах эдэр дьону «Эдэр сааска» тардар соруктаах үлэлиибин.  Суруналыыс идэтигэр элбэх кыһалҕа баар. Ол эрээри, саамай кутталлааҕа – суруналыыс умуллубут хараҕа. Онон куруутун үлэлии-хамныы, үүнэ-сайда сылдьыахха наада. Билиҥҥи үйэ суруналыыһа олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар киһи буолуохтаах. Олоҕу хамсатааччылар да ахсааннарыгар киирсэр идэ диэхпин сөп, —  «Эдэр саас» сыһыарыыга эппиэттээх устудьуон Эльдар Садовников санаата маннык буолла.
... Ити курдук, кэллиэгэлэрбит «Эдэр саас» хаһыаттан, сыһыарыыттан куорсун анньынан күн бүгүн биһиги аттыбытыгар айымньылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан үөрэбит уонна кинилэр кэскиллээх толкуйдара, бырайыактара барыта кэмигэр олоххо киирэн иһэригэр баҕарабыт. 

What’s your Reaction?
+1
15
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

4 часа ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

5 часов ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

8 часов ago