Аатырбыт олоҥхоһут Юрий Борисов Өймөкөөҥҥө ситиһиилээхтик сырытта
«XVI Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө: Айыы санаа айана» XIII билим-мэтэдиичэскэй өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ быйыл сайын Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтигэр чаҕылхай «күөх уоту» уматта.
Ол курдук, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр үнүстүтүүтүн «Лингвофольклористика» салаатын салайааччыта, филология билимин хандьыдаата Юрий Борисов кэмпириэнсийэ кэнниттэн тута улуус нэһилиэктэринэн уонна улуус киинигэр сылдьан, олохтоохторго олоҥхолооһун үгэһин сөргүтүү ньымаларын билиһиннэрдэ уонна бэйэтэ айбыт «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун билиһиннэрдэ.
Бу күннэргэ аатырбыт олоҥхоһут Өймөкөөҥҥө сырыытын түмүктээтэ. Юрий Борисов айанын түмүгүн социальнай ситимҥэ маннык билиһиннэрдэ:
«Айан бөҕө араскааттааҕын айаннаан, сырыы бөҕө сындылҕаннааҕын сылдьан, биир сырыылаах уол оҕо сырыытын сылдьан, биир аатырбыт олоҥхоһут омоон суолун тэлэн кэллим. Ол курдук кулун тутар ый 18 күнүттэн 24 күнүгэр диэри былыргы олоҥхоһуттар курдук Өймөкөөн улууһун «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» өрөспүүбүлүкэтээҕи эспэримиэн бырайыакпынан кэрийэн кэллим.
Тэрээһин чэрчитинэн «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхобун 7 нэһилиэккэ толору толорон иһитиннэрдим:
1. Томтор нэһилиэгэр — 33 истээччи;
2. Сордоҥноох нэһилиэгэр — 32 истээччи;
3. Биэрэк Үрдэ сэлиэнньэҕэ — 9 истээччи*;
4. Өймөкөөн нэһилиэгэр — 31 истээччи;
5. Үчүгэй нэһилиэгэр — 58 истээччи;
6. Төрүт нэһилиэгэ — 100 истээччи (оскуола + кулууп);
7. Уус Ньара бөһүөлэгэ — 55 истээччи (түмэл балаҕана + оҕо дьиэтэ) кыттыыны ыллылар
Итини тэҥэ, хас да нэһилиэккэ олоҥхолуон баҕалаах дьоҥҥо маастар-кылаастары ыыттым.
Туох ханнык иннинэ, бырайыагы сүрүннээччи Аксинья Сивцеваҕа махтал маанылааҕын этиэхпин баҕарабын. Кини туох баар тэрээһин боппуруостарын үрдүк таһымнаахтык быһаарда. Сылаас, сымнаҕас оронуттан саҕалаан, минньигэс аһыгар тиийэ. Итини тэҥэ махтаныахпын баҕарабын айаным аргыһыгар, аҕа саастаах атаспар Николай Сивцевкэ. Ньиэмэстии «туочунай», чахчы уопуттаах суоппар буолан, бары тэрээһин буолуохтаах чааһыгар лоп-бааччы кэмигэр барда.
Өймөкөөн улууһун дьоно-сэргэтэ олус элэккэйдик, сахалыы сайаҕастык көрүстэ. Биир тэтимҥэ уйдара сылдьар дьон эмиэ бааллар эбит. Уопсайынан, дойдубар курдук сырыттым. Үгүс истээччи махталын туттум.
Түмүктээн эттэххэ, Өймөкөөн улууһун сиригэр-уотугар «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» бырайыак үрдүк таһымнаахтык ааста. Туруорбут сорукпун толору ситтим. Быйыл сайын 16-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ыһыаҕын» ыһаары олорор дьон — нэһилиэнньэ киэҥ араҥата Олоҥхо туһунан тирэх өйдөбүлү (фоновые знания) толору ылла.
Хас биирдии бырайыакка үлэлэспит дьоҥҥо: нэһилиэктэр баһылыктарыгар, кулууп үлэһиттэригэр уонна кулгаах-харах иччитэ буола кэлбит истээччилэрбэр махталым муҥура суох!».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: