Аатырбыт Танда мусуойа толору симэхтээх ат ыҥыырын (1844 с.) быыстапкаҕа туруорда
Саха АССР 100, РФ норуоттар култуураларын үйэлээх баайын сылларынан уонна ааҕааччылар сэргээтэллэр, кэрэхсээтэллэр диэн «Саха сирэ» хаһыат “Сэдэх экспонаттар” бырайыагы таһааран барбыта.
Хаһыакка маннык сырдатыыны бастакынан өйөөбүт түмэллэр ортолоругар Уус Алдан улууһун И.П.Готовцев аатынан Тандатааҕы устуоруйа-архитектура мусуойун үлэһиттэрэ эмиэ бааллара.
Ааттаах-суоллаах мусуойу Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Лидия Слепцова салайар.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу күннэргэ бастыҥ түмэллэр салайааччыларын бэлиэтииллэригэр И.П.Готовцев аатынан Тандатааҕы устуоруйа-архитектура мусуойун сэбиэдиссэйэ Л. В. Слепцова аата эмиэ дорҕоонноохтук ааттанна.
3 тыһыынчаттан тахса араас суругу аан дойду устун ыыппыт, 400-кэ чугаһыыр кырдьаҕас хомуньуустары, учуонайдары, 80-ча түмэли, 100-тэн тахса араас тэрилтэлэри, 140-ча оскуоланы, тас дойдуга 40-ча партийнай-судаарыстыбаннай диэйэтэллэри кытта сибээһи олохтообут Танда мусуойа өрөспүүбүлүкэ мусуойдарыгар холобурунан буолар.
Түмэл аҕыс тыһыынчаттан тахса экспонаттаах, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна саҥа кэм историятын көрдөрөр салаалардаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр көмүс кэллиэксийэлээх. Олортон сорохторо Ем.Ярославскай мусуойун “Хотугу кустук” далааһыннаах тэрээһиннэригэр дойду араас куораттарыгар көрдөрүллүбүттэрэ. Бу мусуой пуондатыгар уопсайа түөрт ыҥыыр баар. Олортон биирдэстэринэн 1844 сыллаахха оҥоһуллубут толору симэхтээх ат ыҥыыра быыстапкаҕа кэлэн турда.
Сэдэх экспонат уонна Мусуойдарын туһунан санааларын маннык үллэһиннилэр:
Тандалар бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарыттан олус үөрбүттэрин биллэрдилэр.
Ити курдук, бэрт кэрэхсэбиллээх эспэнээттэр тустарынан киһи кэпсии туруон курдук. Быыстапка Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ ыам ыйын 20 күнүгэр диэри туруоҕа. Кэлиҥ, оҕолоргутугар уонна сиэннэргитигэр сэдэх, ураты эспэнээттэри көрдөрүҥ, төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын ытыктыырга уһуйуҥ, угуйуҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: