Салгыы
«Абааһы дьиэтэ» диэн хаспах ханна баарый?

«Абааһы дьиэтэ» диэн хаспах ханна баарый?

02.02.2024, 16:00
Хаартыска: ВладСпелео
Бөлөххө киир:

Былыр сахалар Красноярскай кыраайтан Лаамы (Охуоскай) муоратыгар тиийэ тайаан олорбуттара. Ол туоһутунан сирдэр, өрүстэр, үрэхтэр, хайалар сахалыы ааттара хаалбыттар. Үт сахалара билигин да Лаамы кытылыгар олороллор.

Хаартыска: ВладСпелео

«Абааһы дьиэтэ» диэн ураты хаспах Хабаровскай кыраайга Дьугдьуур хайаларыгар баар. 1910 сылтан Дьугдьуур заповеднига аһыллыбыта. Манна «Ципандинскай» хаспахтар бааллар, саамай биллэр, улахан хаспахтар ааттара — Намская, Онис уонна Абагы-Дже («Чертово жилище»).

Бу «Абааһы дьиэтэ» диэн тоҕо ааттаммытый? Таһырдьа сылаас да буоллар, хаспах иһигэр сайыннары тымныы эбит. Ол иһин сэбиэскэй кэмҥэ эттэрин харайар булуус оҥосто сылдьыбыттар. Улахан хаспах түгэҕэр сир аннынааҕы ыраас уулаах күөл баар. Хаспахха сталактиттар уонна сталагмиттар үүнэн тураллар.

Хаартыска: kp.ru

Саамай дьиктитэ диэн, кыһын 40 кыраадыс тымныйдаҕына, хаспахтан буруо курдук паар бургучуйан  тахсар, тоҕо диэтэр, иһигэр таһырдьатааҕар сылаас буолар. Олохтоох тоҥустар, сахалар бу көстүүнү «абааһы дьиэтин оһоҕун буруота» дииллэр эбит. Уопсайынан, былыр бу хаспахха чугаһыы сатаабаттара. Ол иһин «Абааһы дьиэтэ» диэн ааттаатахтара. Оттон билигин туристар сылдьаллар.

Санатар буоллахха, «Абааһы балаҕана» диэн сир Сунтаар Тэҥкэтигэр эмиэ баар. Бу сиргэ тэллэй курдук сэлээппэлээх улахан таастар бааллар.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: