Абаҕам Бэс Дьарааhын
2022 сыл ахсынньы 9 күнүгэр аҕам бииргэ төрөөбүт убайа, мин абаҕам Бястинов Герасим Дмитриевич-Бэс Дьарааhын төрөөбүтэ 120 сыла туолбута.
Эдэр-сэнэх эрдэххэ элбэҕи улахаҥҥа уурбат, баары сарсын туман курдук симэлийиэ диэн сыаналаабат, үчүгэйдик хаһааммат, ууруммат эбиппит. Ол курдук сааһыран баран, ыһарбын ыһан, тоҕорбун тоҕон, сүтэрэрбин сүтэрэн баран, кэнэҕэски көлүөнэм, биһиги олохпут туһунан, баҕар кэлин тугу эмит өйдүө-саныа диэн ийэм, аҕам, абаҕам, бэйэм олоҕум туһунан, тугу саныырбын ахтан, суруйан хаалларабын. Киһи олоҕо кэтэстэххэ уһун курдук да, аҕам этэринии, түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарын курдук түргэн эбит.
Сырдыкка, үөрэххэ тардыһан
Аны санаатахха, аҕам убайдарын тустарынан отой кэпсээбэт эбит. Бэс Дьарааhын кини төрдүс убайа, аҕыс сыл аҕа. Баҕар ол иһин буолуо, икки ардылара ырааҕа бэрт. Оскуолаҕа үөрэппитэ диирэ. Оҕо сылдьан оскуолаҕа, оройуон кулуубугар «Таҥха» диэн испэктээги туруоралларын көрөр этим. Кэлин ким да ойбоҥҥо киирэн сүллүүкүттэр тахсалларын кэтэспэт буолан эбитэ дуу, абаҕам сүллүүкүн сымыйатын дакаастаан эбитэ дуу, ол испэкээги ким да оонньообот буолбута. «Миитэрэй оҕо үөрэммитэ» диэн кэпсээнин оскуолаҕа алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан үөрэппиппин өйдүүбүн. Бу эн аҕаҥ туһунан абаҕаҥ Бэс Дьарааhын суруйбут дииллэрэ. Мин оччолорго ол абаҕам хайдах-туох киһитигэр, хайдах олорбутугар, тугу гыммытыгар олох да наадыйбатаҕым. Арай аҕам хайдах 16 сааһыгар бастакы кылааска үөрэнэ киирбитин уонна сылга үстүү кылааһы үөрэнэн бүтэрэрин, түөрт кылаас үөрэх билиҥҥи орто үөрэххэ тэҥнээҕин, оттон сэттэ кылаас үөрэх үрдүк үөрэххэ тэҥнэһиэн сөптөөҕүн хайдах да өйдөөбөтөҕүм. Билигин, сааһыран баран санаатахха, кырдьык, түҥкэтэх Түөнэкэйгэ, айылҕаттан, олорор олохтон атын туох да үөрэх суох дойдутугар, кыра да үөрэхтээх киһи халлаан үөрэхтээҕэр тэҥнэһэр буоллаҕа эбээт. Ол да иһин абаҕам сырдыкка тардыһан түөрт көстөөх Чычымахха 1920 сыллаахха 18 сааһыгар дьонуттан күрээн тиийэн үөрэххэ киирэр. Хайдах аһаан, тугу таҥнан сылдьыбыта буолла? Мин, интэлигиэннэр оҕолоро, оройуон киинигэр үөскээбит буолан, оҕо тыа сиригэр илии-атах үлэтигэр сүҥкэн суолталааҕын кэлин өйдүүбүн. Дьиэ ис-тас үлэтэ хаһан да бүппэтин, онно түргэн илии, ыт атах оҕо туһатын.
Чычымахха түөрт группалаах оскуоланы бүтэрэн, Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатыгар салгыы үөрэммитэ. Манна Н. Д. Неустроев салайар “Ньургуһун” литературнай куруһуогар дьарыктанар. Үөрэнэр сылларыгар уопсастыбаннай олоххо инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Пьесаҕа оонньуура, дакылаат ааҕара. “Таҥха” диэн пьесаны суруйбута. Бастакы
хоһоонун бэчээттэтэн, суруйааччы буолар үлэтин саҕалаабыт. Уолба оскуолатын бүтэрэн, Кириэс Халдьаайыга учууталлыыр, үрдүкү кылаас оҕолоругар литературнай куруһуогу салайан ыытар. Биир сыл учууталлаан баран, абаҕабын наһаа мындыр, сытыы өйдөөх киһинэн ааҕабын, 1927 сыллаахха Дьокуускайга Саха сирин оччолорго саамай үрдүк кыһатыгар — учууталлар тиэхиньикумнарыгар үөрэххэ киирэр. Аныгы сэбиэскэй олох сиэрин туһунан элбэҕи билэр-көрөр, аныгы олох суруйааччыларын, бөлүһүөктэрин, партийнай үлэһиттэрин кытары алтыһар-билсэр. Манна куорат култуурунай олоҕун уларыта тутууга туох-баар күүһүн ууран кыттыһар. Баһаамы өйдүүр, тугу өйдөөбүтүн, буһарбытын бөрүөтүгэр тиһэн бар-дьонун дьүүлүгэр бэчээккэ таһаарар. Элбэх куруһуоктарга, миитиннэргэ сылдьар, хаһыаттарга, сурунаалларга бэйэтин айымньыларын бэчээккэ таһаарар.
“Дьаныарынан, дьүккүөрүнэн быдан ордуга…”
Бэс Дьарааһын 1928 сыллаахха үс кинигэни бэчээттэппитэ. 1931 сыллаахха педагогическай тиэхиньикуму бүтэрэн, Намҥа биир сыл учууталлаабыта. Улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ үлэлээбитэ, артыалы тэрийсибитэ. Суруйааччы Тыаһыт ахтыытыгар этэр: “Үтүө суруйааччы, үлэ киһитэ, маастар учуутал. Кини биһигиттэн дьүккүөрүнэн, сүрэҕинэн, дьаныарынан быдан ордуга”.
Олоххо 32 эрэ сыл олоруу олус кылгас ээ. Итинтэн үөрэнэ-үөрэнэ суруйбутун ыллахха 10 сыл, ити иһиттэн дьиҥнээхтик айбыта 3 эрэ сыл, олох сүрүн үөһүгэр тиийбитэ, эрдэ туораабатаҕа буоллар, бөдөҥ суруйааччы, култуура уонна ускуустуба диэйэтэлэ хайаан да тахсара хааллаҕа…
Уус-уран очерканы саха литэрэтиирэтигэр бастаан атаҕар туруорсубут, бэйэтэ үчүгэй очеркист Бэс Дьарааһын бу жанрга
бөдөҥ ситиһиилэрдээх этэ. Кини 40‑тан тахса уочарканы суруйбута. Саха биллиилээх суруйааччыта Николай Габышев Бэс Дьарааһын 1960 сыллаахха тахсыбыт “Талыллыбыт айымньылара” диэн кинигэтин аан тылыгар: “Саха биир талааннаах суруйааччытын Бэс Дьарааһын айымньыларын билиҥҥи ыччат эмиэ билиэхтээх, кини сырдык аатын ытыктыах-
таах”, — диэн этиитэ саҥа үйэ, саҥа саха ыччатыгар эмиэ быһаччы туһуланар.
Өссө да элбэҕи айыах, оҥоруох киһи…
Абаҕам айымньыларыттан саамай өйбөр хатаммыт кэпсээн «Тибиигэ» буолар. Бу барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут саха дьахтара эрэйдээх туһунан. Бүтэр уһугар тиийбит дьахтар баҕар таҥараҕа тигистэххэ, тугу эмит кулу диэн көрдөстөххө саатар оҕом киһи-хара буоларыгар тиһэх эрэмньитигэр үрдүк айыылар, күн таҥара тугу эмит бэрсиэх-
тэрэ диэн тибиини, томороон тымныыны билиммэккэ, урут сылдьыбатах суолунан сурах хоту ыйдаран оҕотун илдьэ айаҥҥа турунар.
Хаарыан киһи
10 сыл устата айар үлэтигэр баһаам элбэҕи, бэйэтин бириэмэтигэр суҥкэн туһалааҕы, суруйан хаалларбыт эбит. Суруйуулара билигин аныгы үйэҕэ ама да атарахсыйа көстүбүттэрин иһин, оччотооҕу кэмҥэ саҥа үөрэхтэнэн эрэр саха норуотугар, сэбиэскэй былаас туругурарыгар, чэчирии сайдарыгар, үрүҥү-хараны ырылхайдык арааран көрдөрбүт, сүҥкэн суолталаах айымньылар буолаллар эбээт.
Ол кэмнэргэ, былаас төттөрү-таары уларыйа турар кэмигэр, бэйэҥ суолгун чопчу таларыҥ, бэриниилээх буоларыҥ, үрүҥү-үрүҥ, хараны-хара диэн тыынын да толук уурартан чаҕыйбакка, чопчу ааттыырын, сүрдээх хорсун быһыынан ааҕабын. Абаҕам аҥаардас суруйар эрэ буолбатах эбит. Дойдутугар үөрэнэ сылдьан, куоракка үөрэҕин бүтэрэн баран, Намҥа тахсан сэбиэскэй былаас саҥа тутулун сиэригэр эппиэттэһэн дьиэни хотонтон араарыыга, коммуналары, холкуостары тэрийсиигэ көхтөөхтүк кыттыбыт эбит.
Баара суоҕа 32 сааһыгар, алаһа дьиэ туттубакка, ойох ылбакка, оҕо көтөхпөккө бу дойдуттан күрэммитэ сүрдээх хомолтолоох. Арыый уһуннук дьиэ-уот тэринэн олорбута буоллар, өссө элбэх айымньылары айарыгар төһөлөөх күүс-уох ылыа этэй? Кини литэрэтиирэҕэ арамаан, публицистика жанрдарыгар, оҕоҕо аналлаах айымньылары суруйууга Саха сиригэр аан бастакынан холоммут, айбыт киһи буоларын ким да, туох да суурайыа-сотуо суоҕа. Дьадаҥытык үөскээбит буолан, аныгы сэбиэскэй олох сайдарын, баараҕадыйарын туһугар саха кылыс тылын бөрүөҕэ тиһэн айымньы оҥорон таһаарарга туох-баар күүһүн-уоҕун, доруобуйатын биэрбитэ Николай Габышев, Прокопий Андросов, Иван Барашков ахтыыларыгар чаҕылхайдык арыллан көстөр. Уһаабыта буоллар, төһөлөөх элбэҕи аныгы үйэ туругурарын туһунан айыа эбитэ буолла? Хотуур курдук харысхала суох быган тахсыбыты суоһардык суулларар эрэпириэссийэ кинини биир бастакынан илдьэ барбыта дуу. Ким билиэй…
Кини кылгас олоҕо Саха сиригэр саҥа тэриллэн эрэр сэбиэскэй былаас олохтоохтук суолун тэлинэригэр, тирэхтээхтик атаҕар турарыгар күүс-көмө буолбутун, атын суруйааччылар ортолоругар аан бастаан суолу арыйан чаҕылхай сулустуу умайбытын биһиги хайдах да умнуо суохтаахпыт. Кини биһиги олохпут биир саамай бэлиэ кэрчигэ буолар. Хомуньуус буолбутун билбэппин эрээри, кини айымньыларын геройдарын ааттарын-суолларын да уларыппакка, саҥа олоххо тугу гыналларын кыларыйар
кырдьыктааҕынан суруйбут, саамай бастыҥ бассабыыктартан биирдэстэрэ этэ диэн тулхадыйбаттык эрэнэбин.
Владимир Бестинов, сиэн быраата,
үлэ бэтэрээнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: