Абхазияҕа биир дьиэ кэргэн курдук сылдьан кэллибит

Абхазияҕа биир дьиэ кэргэн курдук сылдьан кэллибит

Ааптар:
02.11.2022, 17:09
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта «Вива тур» хампаанньа  путевкатынан Абхазия — Сочи хайысхатынан баран кэллим. Барбыт  төрүөтүм — алтынньы буккуурдаах ыйа буолла. Хаһан баҕарар бу ыйга санаа хоту кыһын кэлэн биэрбэт, түһүөх хаар түһэн быстыбат.

Бу туурга норуот саамай күүтүүлээх киһитэ Килиим Фёдоров туристарга баһаатайдаан, уон күммүт биллибэккэ ааһан хаалла. Мэлдьи мин туурбар сүүрбэччэттэн итэҕэһэ суох киһи кэлэр буоллаҕына, саамай чөкө киһилээх туур буолла диэтэ. Биһиги үөрүөхпүт быатыгар бары тэҥ саастаах, биир көлүөнэ дьоно сырыттыбыт. Арай, биир эрэ туриспыт, Мэҥэ Хаҥаластан 27 саастаах Сайыына алта саастаах Алисатын кытары сырытта. Саамай аҕа саастаахпыт 70-нун ааспыт, Тамара Константиновна Слепцова Муома Чыыстайын олохтооҕо, ол эрэн барыбытыттан чэгиэн бэрдэ. Хара муораҕа сарсыарда тураат да, сөтүөлээн сөхтөрдө. Хата, биһиги дьолбутугар муорабыт ырааһа, долгуна суох налыйан туран, биһигини астыннарда. Алтынньы  быйыл сылааһынан угуттаан, күнүн уотунан күлүмнээн, сынньалаҥмыт күнүн тупсаран биэрдэ. Бастакы күммүтүттэн бары олус тапсан сырыттыбыт. Сочига саха туура тэриллэн, кэнники икки сылга Килиим Федоровтаах Абхазияга, Сочига элбэх саханы сынньаттылар. Биһиги кэннибититтэн кэлбит туристары санаторийга түһэриини тэрийдилэр.
Бөлөхпүт дьонун билсиһиннэрдэххэ, Тамара Константиновна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри ыстаадаҕа үлэлээбит. Геолог идэтин баһылыыр баҕалаах эрээри, комсомольскай путевканан ыстаадаҕа тахсыаҕыттан ыал буолан, кэргэнэ эрдэ олохтон туораан, сэттэ оҕотун бэйэтэ иитэлээн, билигин бары үлэһиттэр, ыаллар. 33 сиэннээх эбээ оҕолоругар, сиэннэригэр билигин ыҥырыынан сылдьар. Магадаҥҥа кыыспар тиийэн баран, суол туран, сырыы таҕыста да, Чыыстайбар барыам диэн санаатын үллэстэр.
Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгиттэн кэргэннии Екатерина, Дмитрий Семеновтар бааллар. Дмитрий нэһилиэгэр баһылыгынан талыллан үлэлии сылдьыбыт, кэргэнэ Екатерина акушер.

Намтан Раиса, куораттан Варя, Галина эмиэ ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ. Сочиттан кэлэн баран, күн ахсын  бассаап бөлөхпүтүгэр  билсиһэ турабыт, сонуммутун үллэстэбит.
Сочига наһаа элбэх турист кэлэр-барар эрээри ырааһа сөхтөрдө. Ханна да сырыт, мыылалаах суокканан  сууйа сылдьалларын астына көрдүм. Остолобуой, туристар тохтоон ааһар туалеттара киһи соһуйуон курдук, ып ыраас. Онон эһиил эмиэ санаторийга барбыт киһи диэн, ымыы санаалаах кэллим.
Гидынан үлэлиир  Өлүөхүмэттэн төрүттээх Валентина Барчахова Абхазияга олохсуйан, «Вива туурга» үлэлиир, массыынатынан туристары порка киллэрэр, атаарар, экскурсиятын да интэриэһинэйдик кэпсиир, биир да ыйытыыга иҥнэн турбат. Абхазияга аатырбыт  Рица күөл, абхазтар ыалдьыттары көрсөр мааны остуолларыгар, Сочига Краснай Поляна, олимпиада комплексыгар, яхтанан муораҕа күүлэйдээбиппит умнуллубат түгэн буолла.
«Вива тур»  Абхазияҕа сэтинньиттэн  «Ыллыыр Мырааҥҥа» ыытыллар курдук, интэриэһинэй тэрээһини үс сезоҥҥа ыытаары сылдьалларын, кэрэхсии иһиттим. Түмүккэ, Саха дьонугар умнуллубат түгэни бэлэхтиир Килиим Фёдоров тууругар сылдьыы чахчы бааччы умнуллубат түгэн эбит.

Марта Николаева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: