Абхазияҕа туох буолла?

Share

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр парламеҥҥа олохтоох былааһы утарааччылар тоҕо сууллан киирэн, былаас уораҕайын былдьаабыттара. Бу түмүгэр бэрэсидьиэннэрэ үлэтиттэн тохтоото. Ыаллыы олорор Абхазияҕа туох буолла?

Иирсээн төрүөтэ туохханый?

Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Грузияттан арахсан, тутулуга суох судаарыстыба статуһун ылбыта. Ол эрээри бу статуһу ылыы содула Абхазияҕа олус улахан этэ. Грузияны кытары сэрии 2008 сылга диэри салҕанан барбыта. Ити сыл Абхазияны туспа судаарыстыба быһыытынан бастакынан Арассыыйа билиммитэ уонна бэйэтин кынатын анныгар ылбыта.

2008 сылтан саҕа­лаан Арассыыйа уонна Абхазия бииргэ үлэлэһэргэ дуогабардары баттаһан барбыттара. Мантан биирдэстэринэн “Арассыыйа юридическай сирэйдэрэ Абхазия Өрөспүүбүлүкэтигэр инвестицияҕа туһуламмыт бырайыактары үлэлэтиэхтэрин сөбүн туһунан” диэн Арассыыйа уонна Абхазия бырабыыталыстыбаларын икки ардыгар түһэрсиллибит сөбүлэҥ сурук буолар. Бу докумуонунан Арассыыйа инвестордара Абхазияҕа олорор дьиэлэри, гостиницалары тутарга көҥүлү ылаллар. Инвестордары көҕүлээһиҥҥэ бу докумуоҥҥа анал чэпчэтиилэр көрүллүбүттэр, ол иһигэр сир чааһыгар эмиэ. Бу сөбүлэҥ сурук, дьиҥэр, ырытыллыбыта ыраатта эрээри, бырабыыталыстыбалар быйыл алтынньы 30 күнүгэр эрэ дуогабары түһэрсибиттэрэ. Уонна дойдуларга ратификациялааһыны ыытыахтаахтара, ол эбэтэр докумуону күүһүгэр киллэриэхтээхтэрэ. Ол эрээри Абхазия парламеныгар бу докумуону сорох дьокутааттар утараннар, парламент сэтинньи 15 күнүнээҕи мунньаҕа ыытыллыбатаҕа, ону ааһан ити күн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрэ уурайарга күһэллибитэ. Өрө туруу сүрүн иирсээнэ бу диэн суруйаллар киин бэчээккэ. Манна ааҕааччыбар быһаарыы быһыытынан Арассыыйа уонна Абхазия сыһыаннарын кылгастык билсиһиннэриэхпин баҕарабын.

Арассыыйа уонна Абхазия

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, Абхазияны туспа судаарыс­тыба быһыытынан аан бас­таан Арассыыйа билиммитэ. Арассыыйа кэнниттэн тилэх баттаһа Никарагуа, Венесуэла, Науру Өрөспүүбүлүкэтэ, Сирия билиммиттэрэ.

Арассыыйа уонна Абхазия бииргэ үлэлэһэргэ бастакы дуогабардарын 2008 сыллаах­ха түһэрсибиттэрэ. Биллэн турар, уонтан тахса сыл устата уот кутаа быыһыгар олорбут Абхазия бааһын оһорунарыгар көмө наада этэ. Абхазияҕа сынньана бара сылдьыбыт дьон ону илэ хараххытынан көрбүт буолуохтааххыт. Ол иһин 2009 сылтан саҕалаан дойдулар стратегическэй суолталаах боппуруостарыгар дуогабардары түһэрсэн бараллар. Ол иһигэр Грузия Абхазия кыраныыссаларын манааһыҥҥа, оборуонаҕа, кыттыгас байыаннай баазалары тэрийиигэ, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччы­йыыга.

2009 сыллаахха Абхазияҕа социальнай көмө туһунан дуогабар баттаныллыбыта. Манна бырабыыталыс­тыбалар икки ардыларынаа­ҕы анал хамыыһыйа тэриллибитэ. Хамыыһыйа үбүлээһини тыырыыга үлэлэһэрэ. Арассыыйаттан көрүллүбүт үп өрөспүүбүлүкэни чөлүгэр түһэриигэ, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарыгар, биэнсийэҕэ эбилик быһыытынан барбыт. Арассыыйа ити сылтан бэттэх Абхазияны чөлүгэр түһэриигэ уонна социальнай көмө быһыытынан 115 млрд солкуобайтан тахса үбү ыыппыта биллэр.

Маны таһынан 2015 сыллаахха Абхазияҕа олорор Арассыыйа олохтоохторун биэнсийэлэрин РФ Соҕуруу федеральнай уокуругун биэнсийэтигэр тэҥниир туһунан сөбүлэҥ сурук баттаныллыбыт. Санатан этиим, тоҕус уонус сыллар кэннилэриттэн ССРС пааспардаах дьон үгүстэрэ Арассыыйа гражданствотын ылбыттара. Онон билигин Абхазия баһыйар үгүс олохтоо­ҕо икки гражданстволаах.

Аны туран Арассыыйа быйыл балаҕан ыйыттан Абхазияҕа ыытар социальнай көмөтүн тохтоппута, ону сэргэ уоту кэмиэрчэскэй тарыыбынан атыылаан саҕалаабыта. РФ тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниистирэ Сергей Лавров: “Икки өттүттэн эбэһээтэлистибэлэри толоруу барыахтаах, Абхазиятааҕы доҕотторбут ону олус үчүгэйдик билэллэр”, – диэн эрдэ иһитиннэрбитэ баар. Онон Арассыыйа уонна Абхазия икки ардыгар ким эрэ ытаһа уура сатыыр диэҕи хартыына атын буолан таҕыста. Аны сэтинньи 15 күнүнээҕибитигэр төннүөххэ.

Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Грузияттан арахсан, тутулуга суох судаарыстыба статуһун ылбыта.

Сэтинньитээҕи кириисис

Киин бэчээккэ, Абхазияҕа өрө туруу сэтинньи 11 күнүттэн саҕаламмыта диэн суру­йаллар. Ити күн өрө турааччылар өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Сухумҥа үс сүрүн суолу сабан кэбиспиттэр. Онтон сэтинньи 15 күнүгэр парламент сиэссийэтин кэмигэр кимэн киирбиттэр. Ити күн парламент Арассыыйа уонна Абхазия инвестицияҕа баттаспыт дуогабардарын ратификациялыахтааҕа. Ол эрээри ай­­даан буолан, парламент мунньаҕын көһөрөргө күһэллэр. Бу докумуону утарааччылар маны ылымматтар уонна дуогабары көтүрэргэ модьуйаллар. Бу модьуйуулара биир төрүөттээх: Арассыыйа уонна Абхазия доҕордоһуутунан куоһурданан, бэрэсидьиэн бэйэтин тус сыалыгар инвестицияны туһулуур диэн. Ол иһин өрө турааччылар Абхазия икки, Арассыыйа икки былаахтарын туппутунан парламеҥҥа киирэллэр. Кэлин өрө турааччылар бэрэси­дьиэн уонна премьер-миниис­тир үлэлэриттэн уурайалларыгар модьуйуохтара.

Ол курдук, үс күннээх өрө туруу түмүгэр, сэтинньи 19 күнүгэр Абхазия бэрэси­дьиэнэ Аслан Бжания уонна премьер-миниистир Александр Анкваб үлэлэриттэн тохтоо­буттарын туһунан иһитиннэрии тахсар. Дойду салайааччытын эбээһинэһин толорооччунан Абхазия вице-бэрэси­дьиэнэ хаалар.

Онон Абхазияҕа эһиил бэ­­рэсидьиэн быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Аслан Бжания прессаҕа иһитиннэрбитинэн, кэлэр быыбарга бэйэтин кандидатуратын эмиэ туруорунар былааннаах. “Норуот биһигини өйүүр диэн куоһурданаллар. Дьиҥ-чахчыны быыбар көрдөрүөҕэ”, – диэн кини “Апсныпресс” ааҕыныстыбатыгар иһитиннэрбитэ.

Манна дьиктитэ баар, Аслан Бжания былааска 2020 сыллаахха эмиэ өрө туруу кэмигэр кэлбитэ. Абхазия билиҥҥи устуоруйатыттан ыллахха, 1994 сыллаахха саҥа Төрүт Сокуоннарыгар олоҕуран, бэ­­рэсидьиэн статуһун олохтоо­буттара. Өрөспүүбүлүкэлэригэр бу отут сыл иһигэр бэрэсидьиэн быыбара аҕыста ыытылла сылдьыбыт. 1994 сылтан Абхазия бэрэсидьиэнэ биэстэ уларыйбыт. Олортон иккитэ 2014 уонна 2019 сыллаах кириисис кэнниттэн бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар олорбут.

2014 сыллааҕы кириисис­кэ оппозиция оччотооҕу бэрэсидьиэни Александр Анквабы Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрбэккин диэн буруйдаабыта уонна үлэтиттэн устунарга модьуйбута. Ити сыл буол­бут быыбарга былааһы утарбыт лидер Рауль Хаджимба кыа­йыыны ситиспитэ. Бу быыбарга Аслан Бжания эмиэ кыттыбыта, ол эрээри куолас­тааччылар отут биэс бырыһыаннарын эрэ ылбыта. Уонна былааска сүрүн оппозиционер быһыытынан хаалбыта. Салгыы өссө интэриэ­һинэй. 2019 сыл­лаахха буол­бут быыбар бастакы түһүмэҕэр хандьыдааттартан ким да сөптөөх куолаһы ылымына, иккис түһүмэх ыытыллыбыта. Манна Рауль Хаджимба биир бырыһыанынан чорбо­йон, бэрэсидьиэ­нинэн анаммыта. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэлэригэр улахан айдаан тахсан, быыбар түмүгэ көтүрүллүбүтэ. Ол оннугар 2020 сыл тохсунньутугар бэрэсидьиэн­нэрин иккистээн талбыттара. Манна Аслан Бжания быыбардааччылар баһыйар үгүс куоластарын ылан, бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.

Онон бу чахчыларынан сылыктаатахха, Абхазия бэлии­тикэтин хонуутугар сотору-сотору кириисистэр буолаллар. Сорох эспиэрдэр этэллэринэн, бу судаарыстыба сүрүн тутула суоҕун көрдөрөр. Аны ити үөһээ ахтыллыбыт инвестицияҕа туһаайыллыбыт дуогабар туһунан эттэххэ, билигин бу докумуон дьылҕатын этэр уустук. “Биһиги бу докумуону утарбаппыт. Сүрүн утарыыбыт толорор былаас биһиги киллэрэр этиилэрбитин ылымматыгар сытар. Инвестицияҕа сыһыаннаах сөбүлэҥ суруктар Арассыыйаны кытары эрдэ түһэрсиллэн тураллар, ону сэргэ Абхазия манна туһаан­наах сокуоннаах. Наада буоллаҕына, сокуоҥҥа уларытыылары киллэриэхпит”, – диэн иһитиннэрэр Абхазия уопсастыбаннай түмсүүтүн аатыттан бэлиитик Эшсоу Какалия “Коммерсант” хаһыакка. Онон сорох судаарыстыбалар Абхазияҕа буолбут биир нэдиэлэлээх тыҥааһыннаах түгэни бэйэлэрин туһаларыгар иэҕэ сатаатылар да, мантан тыас тахсыбата.

ХААРТЫСКА: РЕГНУМ.РУ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

17 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

42 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago