Абитуриент: ыксаабакка, барытын билэн баран…
Бу күннэртэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үрдүк, орто анал үөрэхтэргэ докумуону тутуу бара турар. Онон хас биирдии үөрэх куорпуһугар докумуоннары туттарыы, университеты кытта билсии үгэнэ.
Ол курдук, ХИФУ-га үөрэххэ туттарсыы бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыта. Университет сүрүн куорпуһугар абитуриеннары кытары үлэ тэрээһиннээхтик ыытыллар. Киирээти кытта волонтердуур устудьуоннар туттарса кэлбиттэри, төрөппүттэри көрсөллөр. Кинилэргэ университет хайысхаларын туһунан кэпсииллэр, абитуриеҥҥа сүбэ-ама биэрэн, ханнык кэбиниэттэргэ докумуону туттаралларын ыйан-кэрдэн сирдииллэр. Ону тэҥэ хамыыһыйа үлэтин сэһэргиир, билсиһиннэрэр брошюралары ылыахха сөп. Тустаах кэбиниэттэргэ факультет эбэтэр институт үлэһиттэрэ күн аайы абитуриеннары кытары сөптөөх үлэни ыыталлар. Бастакы этээскэ үксүн тиэхиньиичэскэй, иккискэ гуманитарнай хайысхаларга докумуону тутуу барар. Анаан бэлэмнэммит баннердар факультеттар туһунан кэпсээн, суолу ыйан биэрэллэр.
ХИФУ-га
Тустаах хампаанньа хайдах-туох ыытылла турарын туһунан үп-экэнэмиичэскэй институтун иккис кууруһун устудьуона Дарина Наумоваттан ыйыталастыбыт.
– Билигин ХИФУ-га туттарсыы хамыыһыйатыгар туох үлэ бара турарый?
– Манна тиэхиньиичэскэй исписэлииһинэн үлэлиибин. Биһиги киирэр аан аттыгар олоробут уонна оҕолорго ханна, ханнык факультеттар хамыыһыйалара баалларын ыйан биэрэбит. Кинилэр үксүн төрөппүттэрин кытары кэлэллэр. Сороҕор, көмпүүтэр иннигэр олорон, оскуола оҕолоро ыыппыт докумуоннарын бэрэбиэркэлиибин, сыыһалаах-халтылаах буоллаҕына, тута көннөрөн иһэбин. Хаартыскаларын ыыппыттарын-ыыппатахтарын көрөбүн, бу кампуснай каартаҕа наада. Оччоҕуна абитуриеннар үөрэх куорпустарыгар холкутук сылдьар кыахтаналлар.
– Билигин туттарсааччы ахсаана элбэх дуо?
– Билигин син элбэхтэр. Үксүгэр сарсыарда эбэтэр эбиэккэ кэлэллэр. Саамай элбиир бириэмэлэрэ: уон бииртэн үскэ диэри. Тутар хампаанньа 9 чаастан 5-кэ диэри үлэлиир.
– Абитуриеннарга тугу сүбэлиэ этигитий?
– Тугу билиэхтэрин баҕарбыттарын, справочнайга кэлэн барытын быһаарсыахтарын сөп. Ыксаабакка барытын истэн, билэн баран туттарсыҥ диэн сүбэлиибин. Уонна үөрэххэ киириигит эксээмэннэргититтэн тутулуктааҕын умнумаҥ. Ону ХИФУ сүрүн куорпуһугар кэллэххитинэ, тугу туттарбыккытыттан көрөн, ханнык үөрэххэ киирэр кыах баарын сүбэлиэхпит-амалыахпыт.
АГАТУ-га
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агро-тиэхиньиичэскэй университетка (АГАТУ) туттарсыы хамыыһыйатын үлэтэ тэрээһиннээхтик ыытыллар. Ол туһунан үөрэх эппиэттиир сэкирэтээрэ Павлина Васильева сиһилии маннык кэпсээтэ.
– Павлина Егоровна, тутар хамыыһыйа үлэтэ хайдах-туох бара турарый?
– Бэс ыйын 15 күнүттэн докумуоннары тутабыт. Бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларынан бүддьүөт миэстэлэригэр киирэргэ от ыйын 20 күнүгэр диэри докумуоннары туттарыахха сөп. Биир кэлим эксээмэни ааһар. Оттон эксээмэнэ суох киирэр дьонтон от ыйын 25 күнүгэр диэри докумуоннары ылабыт. 800-чэ кэриҥэ сайабылыанньа киирдэ. Үгүстэр докумуоннарын үөрэх куорпуһугар кэлэн биэрэллэр, ону таһынан судаарыстыбаннай өҥө порталынан, «Поступи онлайн» диэн сервиһинэн, электроннай уонна Арассыыйа почталарынан, тус саайпыт нөҥүө докумуоннарын ыыталлар.
– Ханнык хайысхаларга ордук куонкурустааҕый?
– Холобур, айти-технологиятын хайысхатыгар сыл аайы куонкурустаах буолар. Ону таһынан уопсастыбаннай аһылык технолога, ландшафтнай архитектура, ойуур дьыалата, ойуур инженернэй дьыалата диэн хайысхаларга элбэх сайабылыанньа киирэр. Онтон орто үөрэҕи ыллахха, бүддьүөт миэстэлэригэр сыл аайы улахан куонкурус буолар. Холобур, тохсус кылаас кэнниттэн программист идэтигэр 25 бүддьүөт миэстэтигэр от ыйын 8 күнүнээҕи туругунан 62 сайабылыанньа киирдэ. Ону таһынан, бу орто үөрэххэ 11-с кылаас кэнниттэн бүддьүөт миэстэлэрдээхпит. Оттон теплотехник хайысхатыгар 15 бюджет миэстэтигэр 32 сайабылыанньа киирдэ.
– Абитуриеннарга сүбэ-ама быһыытынан тугу этиэҥ этэй?
– Абитуриеҥҥа сүрүн докумуоннарынан аттестат эбэтэр диплом буолар. Үөрэх саайтыгар киирэн сайабылыанньаны ыытыахтарын эбэтэр университет куорпуһугар кэлэн туттарыахтарын сөп. Быйыл уопсайа 754 бүддьүөт миэстэтэ баарыттан 118-һа тус сыаллаах миэстэҕэ ананар (целевой). Бу миэстэлэргэ үөһэ эппит болдьоххо докумуоннары тутабыт. Оттон орто үөрэххэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри. Ону таһынан магистратура бырагырааматыгар докумуоннары атырдьах ыйын 22 күнүгэр диэри тутабыт.
– Оттон магистратураҕа киирии бакалавриат курдук дуу эбэтэр туох эмит атыннаах дуу?
– Кыра атыннаах, ол курдук магистратураҕа үрдүк үөрэх дипломнаах дьон эрэ киириэхтэрин сөп. Манна докумуоннары атырдьах 22 күнүгэр диэри тутабыт, онтон атырдьах ыйын 23-28 күннэригэр собеседованиены ааһыахтара. Магистратура бырагыраамата киэҥ. Ол курдук, агроинженерия, зоотехния, биотехнология, экэниэмикэ, ойуур дьыалата бааллар. Маны тэҥэ, төлөбүрдээх миэстэлэр эмиэ бааллар.
Диана Антонова, Евгения Петрова, хифу филологическай факультетын суруналыыстыка салаатын 3-с кууруһун устудьуоннара бэлэмнээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: