Хаартыска: "Абый улууһун сонуннара"
Абый улууһун олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Изабелла Садовникова ураты арбуһу үүннэрэн, дьон биһириэбилин ылыан ылла. Кини уола бу туһунан научнай үлэни суруйар.
Изабелла хоту дойдуга оҕуруот аһын арааһын үүннэрэр. Быйыл араҕас арбуһу үүннэрэн көрбүт диэн СИА суруйар.
— Дьон соһуйар да, дьиҥэ, Арассыыйаҕа араҕас арбуз киэҥник тарҕаммыт суорт ээ. Арбузтары сэттис сылын үүннэрэбин. Ыам ыйыгар олрдобун, күһүн бары астарын биэрэллэр, ситэллэр. Быйыл «Сюрприз» диэн араҕас арбуһу үүннэрэн көрдүм. Үчүгэйдик ситтэ, амтанын сөбүлээтибит. Былырыын уолум Кирилл икки арбуз суордун тэҥнээн көрөр үлэни ыытан, научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта. Быйыл саҥа суордун туһунан үлэни суруйуо, — диэн оҕуруотчут «Абый улууһун сонуннарыгар» кэпсээтэ.
Хоту улууска оҕуруот аһын үүннэрэр уустуга өйдөнөр. Ол да буоллар, хоту дойду хоһуун дьонун сатабыллара, үлэһиттэрэ, үөрүйэхтэрэ сөхтөрөр.
Айылҕа соһутар. Аллараа Халыма оройуонугар, Черскэйгэ, ардах түстэ. Бэҕэһээ киэһээ маннык устубуттара тиийэн кэллэ. Бэлиэтииллэринэн…
Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, аам даам тымныы күүһүрэн турдаҕына, Мэҥэ Хаҥалас күнүгэр аналлаах Оһуокайга ыччаттар…
Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…
Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…
Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…
Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…