Бүгүн, Абый улууһугар 21 быыһааччы уонна баһаарынай ойуур баһаарын утары охсуһа тиийдэ. Бу туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
Бөлөххө 5 Быыһыыр сулууспа, 5 Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа, 6 «Якутлесресурс» тэрилтэ уонна 5 ЫБММ быһааччыларын үлэһиттэрэ киирдилэр.
«Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ан-26 сөмөлүөтэ Дьокуускай – Орто Халыма – Үрүҥ Хайа хайысханан көтөн тиийдэ. Дьокуускайтан санныга кэтэ сылдьар огнетушителлэр, помпалар, тус харыстанар сириэстибэлэр, емкостар тиийдилэр», – диэн вице-премьер кэпсээтэ.
Икки күн иннинэ Дьокуускайтан Белай Гораҕа «Полярные авиалинии» авиахампаанньанан 20 уоту утарв охсуһааччы тиийбитэ. Ол иннинэ Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгиттэн эбии 11 баһаарынай («Якутлесресурс» тэрилтэттэн 5, «Авиалесоохранаттан» 6 үлэһит уонна кэтээн көрөр лүөччүк) тиийбиттэрэ.
Онон Абый оройуонугар уопсайа 50-тан тахса киһи көмөҕө тиийдэ. Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистир Дмитрий Лепчиков миэстэтигэр тиийэн үлэни сүрүннүү сылдьар.
Тиийбит дьон аҥара Киэҥ Күөл сэлиэнньэтиттэн 5 км тэйиччи турбут баһаары умуруорууга ыытылынна. Атыттар Белай Гораҕа хааллылар. Бүгүҥҥү туругунан ойуур баһаара улуус кииниттэн 10 км сиргэ баар.
Дмитрий Садовников эппитинэн, сөҥүү бу эҥэр түһэ илик. Хоту улуустарга ардаҕы түһэрэргэ «Полярные авиалинии» хампаанньа «Атмосфера» Ан-26 сөмөлүөтэ көтүөҕэ.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…