Абыйга балаһыанньа хайдаҕый?
От ыйын 19 күнүгэр Абый оройуонугар быһыы-майгы тыҥааһыннаах, ол эрээри хонтуруолга тутуллар.
Балаһыанньа хайдаҕын СӨ Гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ:
—Түүн самыырдаата. Күн-дьыл былыттаах, температура +19 С, кураан уонна итии буолбатаҕа үөрдэр. Бэҕэһээ улуус Борокуратууратын кытары КЧС мунньаҕын ыыттыбыт. Ойуур баһаарынан бары эппиэтинэстээхтэр кытыннылар. Икки баһаар Бырабыыталыстыба уонна улуус дьаһалтатын хонтуруолугар бааллар.
Ойуур баһаарын умуруорууга 91 киһи, ол иһигэр олохтоох нэһилиэнньэттэн 35 киһи үлэлииллэр. Белай Гора аттыгар ойуур баһаарын умуруорууга 54 киһи үлэлиир, сүрүннээн илиинэн үлэ. Киэҥ Күөл таһыгар баһаарга 37 киһи, 2 тыраахтар, биир булуук уонна 2 квадроцикл үлэлииллэр. Уоту утары охсуһааччылар сүрүннээн булуугу тутталлар. Нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас уоту салгыы барыытын туттулар.
Бүгүн Дьокуускайтан Абыйга сарсыарда 09:34 уу кутар тэриллээх МЧС Ми-8 бөртөлүөтэ күүс-көмө буола көппүтэ. Уопсайынан, күүстэр аттарылыннылар, үлэ ыытыллар. Уоту утары охсуһууга үлэ салгыы улуус дьаһалтатын салалтатынан лүөтчүгү уонна уоту умуруорууга салайааччылары кытта биир сүбэнэн барар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: