Абыйга балаһыанньа хайдаҕый?

Share

От ыйын 19 күнүгэр Абый оройуонугар быһыы-майгы тыҥааһыннаах, ол эрээри хонтуруолга тутуллар.

Балаһыанньа хайдаҕын СӨ Гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ:

—Түүн самыырдаата. Күн-дьыл былыттаах, температура +19 С, кураан уонна итии буолбатаҕа үөрдэр. Бэҕэһээ улуус Борокуратууратын кытары КЧС мунньаҕын ыыттыбыт. Ойуур баһаарынан бары эппиэтинэстээхтэр кытыннылар. Икки баһаар Бырабыыталыстыба уонна улуус дьаһалтатын хонтуруолугар бааллар.

Ойуур баһаарын умуруорууга 91 киһи, ол иһигэр олохтоох нэһилиэнньэттэн 35 киһи үлэлииллэр. Белай Гора аттыгар ойуур баһаарын умуруорууга 54 киһи үлэлиир, сүрүннээн илиинэн үлэ. Киэҥ Күөл таһыгар баһаарга 37 киһи, 2 тыраахтар, биир булуук уонна 2 квадроцикл үлэлииллэр. Уоту утары охсуһааччылар сүрүннээн булуугу тутталлар. Нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас уоту салгыы барыытын туттулар.

Бүгүн Дьокуускайтан Абыйга сарсыарда 09:34 уу кутар тэриллээх МЧС Ми-8  бөртөлүөтэ күүс-көмө буола көппүтэ. Уопсайынан, күүстэр аттарылыннылар, үлэ ыытыллар. Уоту утары охсуһууга үлэ салгыы улуус дьаһалтатын салалтатынан лүөтчүгү уонна уоту умуруорууга салайааччылары кытта биир сүбэнэн барар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саханефтегазсбыт» бүгүҥҥүттэн бэнсиин сыанатын ыаратта

Бүгүҥҥүттэн, тохсунньу 5 күнүттэн, ""Саханефтегазсбыт" хампаанньа бэнсиинин сыанатын үрдэттэ. Ортотунан сыаналар 4-6,5 солкуобайынан үрдээтилэр. Тэрилтэҕэ…

24 секунды ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОЛОХ ОЧУРДАРА: Саҥа дьыл түүн

Саҥа дьыл тыына салгынныын ураты. Дьон үксэ туох эрэ үчүгэйи күүтэр. Арай түөрт уон сааһын…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Анатолий Семенов: “Кыайыыны чугаһатар туһугар үлэлиэхтээхпит”

Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл  анараа…

2 часа ago
  • Быһылаан

Саха сиригэр булчуттар сүттүлэр

СӨ Быыһыыр сулууспата түөрт эр киһини көрдүүр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, ыйтан…

3 часа ago