Абыйга ойуур баһаарын бохсууга эр дьону кытта Людмила Алексеева тэҥҥэ үлэлиир
Абый улууһугар Белай Гора уонна Киэҥ-Күөл нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларыгар икки улахан ойуур баһаара баара үлэни уустугурдар.
Бу иннинэ онно баһаары бохсууга 50-тан тахса баһаарынай уонна быыһааччы барбыта. “Онно эбии идэтийбит күүстэри көһөрөр туһунан быһаарыы ыллыбыт” диэн иһитиннэрдэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников.
Эр дьону кытта баһаары бохсуу этэрээт волонтера Людмила Алексеева сылдьарын туһунан быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ иһитиннэрдилэр.
Людмила Алексеева бэйэтэ кэпсииринэн, олоҕун тухары айылҕаны кытта ыкса сибээстээх – экология салаатыгар үлэлээбит буолан, соторутааҕыта ойуур хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэҕэ киирбит. “Маннык улахан ойуур баһаара буола турдаҕына, хайдах да хонтуораҕа олорор кыаҕым суох. Биллэн турар, олус уустук үлэ – лаппаакынан сири хаһарым тэҥэ, аны асчытынан сылдьабын. Ол эрээри ыарахан диэн ытаммаппын. Уолум Дьулустаан Бережнев быыһыыр сулууспаҕа быыһааччынан үлэлиир. Билигин кини эмиэ Белай Гора аттыгар баһаары бохсууга сылдьар. Төрөөбүт айылҕабытын харыстааһын — биһиги ытык эбээһинэспит”, диэн бигэ санаалаах волонтер Людмила Алексеева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: