Салгыы
Абыйга уонна Үөһээ Бүлүүгэ Бе-200, Ми-8 үлэлииллэр

Абыйга уонна Үөһээ Бүлүүгэ Бе-200, Ми-8 үлэлииллэр

Ааптар:
25.07.2024, 10:01
Хаартыска-: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

РФ ЫБММ салгын ааллара Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар ойуур баһаарын умуруорууга үлэлииллэр.

От ыйын 25 күнүгэр сарсыардааҥҥы иһитиннэриинэн, 93 уонна биир ландшафтнай баһаар бэлиэтэнэр. Кэнники сууккаҕа икки баһаары умуруорбуттар, биэс баһаары бохсубуттар. Уоту умуруорууга РФ ЫБММ авиацията үлэлэһэр.

Суукка устатыгар Арассыыйа ЫБМ Бе-200 салгын ааллара Үөһээ Бүлүүгэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэлээтилэр. Оттон Ми-8 бөртөлүөттэр Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар. Бүгүн ити улуустарга үлэлэрин салгыыллар. РФ ЫБМ аэромобильнай бөлөхтөрө Дабааҥҥа, Быракааҥҥа, Белай Гораҕа, Сайдыыга, Токумаҕа ойуур уотун умулларыыга үлэлииллэр, — диэн этэр ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга  Павел Гарин.

Ойуур уотун умуруорууга 849 киһи, 182 тиэхиньикэ үлэлиир. Үөһээ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас баар 13 ойуур баһаара ураты хонтуруолга тутуллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: