Салгыы
«Абырал» санаторий баазатыгар байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир киин үлэтин салҕыыр

«Абырал» санаторий баазатыгар байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир киин үлэтин салҕыыр

Ааптар:
30.07.2024, 18:19
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга «Абырал» санаторий баазатыгар хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир биир кэлим киин үлэлиир. Манна байыаннай сулууспаҕа хандьыдааттар байыаннай-врачебнай хамыыһыйаны уонна психологтар консультацияларын ааһаллар.

Сүүмэрдиир пуун старшай инструктора Владислав Макаров бэлиэтииринэн, хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаах хандьыдааттар саастара 18-59, ардыгар 65, тоҕус кылаас үөрэҕи ааспыт, доруобуйатын туруга А, Б, В категорияларга эппиэттиир буолара ирдэнэр.

Гражданин сулууспаҕа ананар түгэнигэр пуун инструктордара байыаннай чааһын быһаараллар. Итиэннэ кииҥҥэ тактическай мэдиссиинэҕэ уонна бастакы көмөнү оҥорууга үөрэхтэр ыытыллаллар.

Хантараагынан сулууспалааччыга биир кэмнээх өрөспүүбүлүкэттэн 250 тыһ.солк. кээмэйдээх төлөбүр, ону таһынан дьиэ кэргэнин чилиэнин аайы 200 тыһ.солк. көрүллэр.

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пуун 9:00 — 18:00 ч. диэри үлэлиир. Сиһилии службапоконтракту.рф саайка эбэтэр 117 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп.

Хантараагынан сулууспаҕа биир кэлим сүүмэрдиир киин  Дьокуускайдааҕы «Абырал» санаторий баазатыгар Дьокуускай куорат Сэргэлээхтиир шоссе, 11 км, 1-кы куорпус аадырыска үлэлиир.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: