«Абыралга» хантараагынан барааччылары сүүмэрдээһин салҕанар

Share

Доруобуйа уонна патриотическай хамсааһын киинигэр «Абыралга» бары усулуобуйа тэрилиннэ.

Байыаннай сулууспаҕа барааччылары сүүмэрдиир пууҥҥа, доруобуйа уонна патриотическай хамсааһын киинигэр «Абыралга», хантараагынан барааччылары сүүмэрдээһин салҕанар. Киин кылаабынай бырааһа Алена Иванова бэлиэтииринэн, пуун «биир түннүк» эрэсииминэн үлэлиир.

Баҕа өттүлэринэн барааччылар терапевка көрдөрөллөр, психолокка сылдьаллар. Чинчийии түмүгүнэн, салгыы миэстэтигэр быраастарга көрдөрөллөр. Байыаннай сулууспаҕа барарга сөптөөҕүн туһунан байыаннай комиссариат байыаннай-врачебнай эспэртиисэтин киинигэр быһаараллар.

Хантараагынан сулууспалыан баҕалаахтарга бары усулуобуйа тэриллибит. Күҥҥэ үстэ аһыыллар, санаторийга олороллор. Сулууспалыыр сирдэригэр барыахтарыгар диэри мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга дьарык ыытыллар.

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир киин сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18 чааска диэри үлэлиир. Аадырыһа: Дьокуускай, Сэргэлээх 11 км, 1 корпус. «Абырал» тохтобулугар 7 №-дээх оптуобуһунан тиийиэххэ сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago