Абыраллаах дьарык
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин олохтооҕо Дабыыт Иванов 2011 сыллаахтан атах таҥаһын улларыынан дьарыктанар.
Тыа сиригэр итинник дьарыктаах киһи баар буолан, олохтоохтор алдьаммыт атахтарын таҥаһын сонно өрөмүөннэтэн, абырахтатан кэбиһэллэригэр бэрт бөҕө буоллаҕа.
“Этэрбэс, угги, хаатыҥка, таапачыка, кроссовкалары, уопсайынан атах таҥаһын барытын оҥоробун, өрөмүөннүүбүн, ыксаллаах сакаас да киирэр. Куораттан, атын улуустан кытта үлэһэллэр. Аныгы хаатыҥкалар кыараҕастар, ону хайытан, иннинэн-кэннинэн эбии киллэһик киллэрэн, кээнчэлээх атахха холкутук анньынан кэтэр гына оҥоробун. Дьиэ таһыгар сылдьарга бэрт, итиэннэ айанньыттарга, булчуттарга кыыннаах быһахтарын укта сылдьалларын курдук эмиэ оҥоробун. Балыксыттарга анаан хаатыҥка уллуҥаҕар норуокка доширак диэнинэн биллэр саппыкы тилэҕин тууран ылан улларан кэбиһэбин. Оннукка атах таҥаһа илийбэт”, — диир Дабыыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: