Абыраллаах эмчит. Сэргэх суруйааччы
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар «Аһыма – дьолбут уйата» тэрээһин чэрчитинэн («Горнай түмсүү» сал. Н. Федорова) бэртээхэй тэрээһин буолла.
Ол курдук, РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай харалта сулууспатын туйгуна, Дьокуускай куорат доруобуйа харыстабылын бочуоттаах улэһитэ, Кировскай нэһилиэк уонна Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Горнай оройуонун духуобунаска бэпэчиитэлэ, 25 бэчээттэммит кинигэ ааптара Н.Н Александров айар үлэтигэр анаан «Абыраллаах эмчит. Сэргэх суруйааччы» диэн кинигэ быыстапката уонна суруйааччыны кытта көрсүһүү тэрилиннэ.
Бибилэтиэкэр Матрена Николаевна Аргунова суруйааччы айар үлэтин туһунан мустубут дьоҥҥо сиһилии билиһиннэрдэ, кинигэлэрин ырытта. Ол курдук, Николай Николаевич ыарыыны эрэ ылҕааччы, ыарыһах олоҕун быыһааччы эрэ буолбатах! Кини – киһи дууһатын эмтээччи! Ол туоһута – айбыт айымньылара!
Ааптар 1973 с. СГУ медфагын бүтэрэн, биир сыллаах интернатура кэнниттэн Кэбээйи улууһун киин балыыһатыгар Сангаарга 7 сыл терапевынан, 16 сыл невропатолог, нарколог, психиатр, иглотерапевт быһыытынан үлэлээбитэ. 1997 – 2008 сс. диэри медико-социальнай эспэртиисэ 5 № филиалын салайааччыта, УФСИН киин балыыһатын салайбыта, үрдүк категориялаах невролог быраас.
Мэдиссиинэ үлэһиттэригэр
Матрена Николаевна быыстапкаҕа баар кинигэлэри үс түһүмэххэ арааран кэпсээтэ. Бастакы түһүмэххэ эмп үлэһиттэригэр анаан суруйбут кинигэлэрэ: «Быраас олоҕо» (2006 с.), «Записки якутского врача», «Хаайыы балыыһата», «Тюремная больница» (2014 с.), «Айылҕаттан айдарыылаах эмчит» (2017 с.) – олоҕун 42 сылын тыа сирин дьонун доруобуйатын харыстабылыгар анаабыт М.С. Аргунова туһунан ыарыһахтара, үөлэннээхтэрэ, кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин ахтыылара уонна Мария Степановна араас сылларга суруйбут ыстатыйалара: Тыайаҕа балыыһа хаһан төрүттэммитэй, ядернай дэлби тэптэрии хаһан буолтай, содула – бу барыта кэлэр көлүөнэҕэ суолталаах матырыйааллар. Холку, кэрэ дууһалаах киһи этэ, тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ, эбээ; асчыт мааныта, көмүс илиилээх иистэнньэҥ, оҕуруотчут – кини сатыырын ааҕан сиппэккин диэй суруйаллар.
«Быраас олоҕо» – ахтыы-сэһэн суруйааччы бастакы кинигэтэ. Урут эмп үлэһиттэрин туһунан саха литэрэтиирэтигэр кинигэ суоҕа, онон суолтата улахан, ыччат идэтин таба таларыгар көмөлөөҕө биллэр! Ааҕааччы биһирэбилин тута ылбыта. СӨ үтүөлээх учуутала А.Н.Васильева кинигэ туһунан истиҥ тыллары суруйбута: «… ахтыыҥ тыла ырааһын, чуолкайын, дьиҥ уу сахалыы тыыннаах – куттаах киһи тыла-өһө! Онон кинигэҥ иһин махтал улахана, эҕэрдэ истиҥэ!»
«Хаайыы балыыһата» кинигэ киирии тылыгар ааптар: «Маныаха майгынныыр суруйуу олох сэдэх, хаайыы балыыһатын туһунан ончу суох да диэххэ сөп. Онон киэҥ араҥаҕа тахсара наадалаах диэн санаанан салайтаран суруйдум», — диэбит.
Кировскайдар
2-с түһүмэххэ Кировскай дьонун туһунан кинигэлэр: «Куонаанап аймах төрүччүтэ» – альбом (2010 с.), «Аһыма оҕолоро» (2011 с.), «Суолдьут сулус» – талааннаах инженер, учуонай, алмаас бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ И.Н. Александров туһунан хомуурунньук; «В бою и в труде ими кована Победа» (2015 с.) – Саха сиригэр эдэр саастарыгар үлэҕэ анатан кэлбит Н.Н., А.В. Бекасовтар дьиэ кэргэннэрин, олохсуйан, үс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, саха тылын билэн, хоту дойдуну иккис дойду оҥостон, дьон убаастабылын, тапталын ылыахтарын ылтара.
Үйэлэргэ хаалар үтүө өйдөбүнньүк
«Түгэнэ» диэн хомуурунньугу Дьячковская о.д.а. хомуйан оҥорбуттар, Николай Николаевич – эрэдээктэр. Киһи сөҕөр кинигэтэ! Үйэлэргэ хаалар үтүө өйдөбүнньүк! 182 ахтыы – ыстатыйа түмүллүбүт. Аны «Биллэр-көстөр дьоммут», «Айар куттаахтар», «Наҕараадалаах, ааттаах-суоллаах дьоммут» диэн туспа хомуллан кинигэ бүтүүтүгэр киирбит. Чахчы сэдэх кинигэ!
Н. Александров – Түгэнэчээнэп «Талыллыбыт айымньылара» 4 түһүмэхтэн турар кинигэ тахсыбыт историята да интэриэһинэй. Ордук интэриэһинэйэ – бүгүҥҥү ыалдьыппыт аҕата эбит. Олоҕун орто салайар үлэҕэ анаабыт үтүөкэн киһи! Киниэхэ анаммыт ахтыылар уонна кини кэпсээннэрэ, хоһоонноро үгүстэрэ «Бэлэм буол», «Үлэ күүһэ», «Кыым» хаһыаттарга, «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммит эбиттэр. Уонна дьэ биһиги кэммитигэр урут тахсыбатах айымньылара күн сирин көрдүлэр!
Матрена Николаевна эбээлэргэ, эһээлэргэ, төрөппүттэргэ туһаайан: «Николай Николаевич – патриот: түгэни мүччү туппакка төрөөбүт төрүт сирин, дьонун-сэргэтин туһунан сурукка тиһэн, «суруллубут суоруллубат» дииллэринии биир дойдулаахтарыгар тугунан да кэмнэммэт үйэлэргэ хаалар улахан үлэни оҥордо бэйэтэ айан, хомуйан, эрэдээктэр быһыытынан. Оттон оҕолорго аналлаах айымньыларыгар оҕо психологиятын, саныыр санаатын, өйдүүр өйүн билэрэ бэрт буолан, оҕо хараҕынан көрөн, оҕо санаатынан санаан суруйан ааҕааччыга айымньылар тута сөбүлэтэллэр уонна сиэрдээх буоларга көмөлөрө улахан. Суруйааччы чахчы ыра санаа кэрэһитэ: саҥаны толкуйдаан, көрдөөн, булан, олохтон үөрэн, олоҕу таптаан, суруйар тиэмэтэ киэҥ», — диэтэ. Салгыы «Таптал таабырыннара», «Дороппуй ыччаттара», «Сырдык мичээр», «Кыырай халаан мохсоҕоло», «В плену Верхоянских гор» кинигэлэри билиһиннэрдэ.
Көрсүһүүгэ сэҥээрбит истээччилэр Анна Кривошапкина-Аргунова, Гаврил Кононов о.д.а. ааптардарга махтал тылларын эттилэр, ыйытыыларыгар толору эппиэт истэн астыннылар.
А.Николаева хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: