Абырыахтарын оннугар атахтаатылар…
Кыстыгы көрсө Дьокуускай куоракка оптуобустар сылдьар хайысхалара уларыйан, сорох маршруттар төрүт даҕаны тохтотуллан, үгүс дьон эрэйи көрүстэ. Ол курдук, ДСК оройуонуттан айанныыр 14, 1, 16 оптуобустар, онкологическай киининэн ааһар 5-с №-дээх оптуобус, куорат киинин устун айанныыр 4 №-дээх оптуобустар сырыылара уларыйан, кыстыгы көрсө кыһалҕа кыһарыйбыт.
Киһи эрэ барыта куорат киинигэр олорбот
Куорат олохтоохторо оптуобустар сырыыларын хайысхата уларыйбытын сөбүлээбэккэ, төһө үҥсүү киирбитин ЦУР бэлиэтэнэр. Ол курдук, бу ый 18-с күнүгэр уопсайа 135 үҥсүү киирбит, сарсыныгар – 179 киһи. Бу үҥсүүлэр барыта Дьокуускай дьаһалтатыгар ыытыллыбыттар. Олортон, холобур, сэтинньи 21 күнүттэн 6-с №-дээх оптуобус сырыытын урукку тиһэх тохтобулугар “1-кы Борисовка”-ҕа төннөрбүт. Быһаарыныы Сайсары уокуругун олохтоохторун үҥсүүлэринэн ылыллыбыт. Оттон куорат атын оройуоннарыгар балаһыанньа хайдаҕый? Оскуолаҕа барааччы, балыыһаҕа айаннааччы аҕам саастаахтар? Киһи эрэ барыта массыынанан уонна таксыынан айаннаабат. Киһи эрэ барыта куорат киинигэр олорор буолбатах. Кыһалҕа кыһарыйан, иккилии оптуобуһунан айаннаан тустаах сиргэ тиийэр үгүс дьону билэбин. Оптуобус айанын сырыыта кыстыгы көрсө буолбакка, саас, халлаан сылыйыыта уларыйыахтааҕа. Сотору будулҕан туман түһүөҕэ. Уопсайынан, оптуобуһунан айан судургу уонна өйдөнүмтүө буолуохтаах.
Кыһалҕа кыһыл атахтаах
“18-c №-дээх оптуобуска сатаан батан киирбэтибит. Бачча кыһын оптуобустар сырыылара уларыйбыта туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтэ. Сайсары оскуолаларыгар Сэргэлээх диэкиттэн уонна 18-c оскуола диэкиттэн кэлээччилэр икки оптуобуһунан көһө сылдьан айанныыр буолбуттар. Cаҥа 12-c маршруту Орджоникидзе уулуссанан ыытыа эбиттэр ээ, тоҕо 4-с №-дээх оптуобуһу уларыппыттара буолла. 15-c, 25-c №-дээх оптуобустар олус бэрт хайысхалаахтара. Билигин барыта уустугуран биэрбит. Аҕам саастаахтар, оҕолор мунуу-тэнии бөҕө буолууһуктар” диэн социальнай ситимҥэ дьон санаатын суруйар.
Көтөр баабырыкатын олохтоохторо айманаллар
ДСК оройуонуттан “Прометей” түөлбэнэн киирэн ааһар 14-c №-дээх оптуобус аҕыйах сыллааҕыта Көтөр баабырыкатынан сылдьар буолбутугар олохтоохтор абыраммыттара. Арай, “Прометей” түөлбэнэн киирэн ааһыы мунаардара. Номнуо туолбут оптуобуска симиллэр саҕа куһаҕан туох да суох. Баппакка таһырдьа хараҥаҕа туран хаалыан ким баҕарыай? Оптуобустар сырыыларын хайысхата уларыйбытыгар, аны 14-c оптуобус Көтөр баабырыкатын таарыйбат буолбута. Птицевод оройуонун олохтоохторо Надежда Кузьмина көҕүлээһининэн кэлэктиибинэй сурук суруйбуттар. Оптуобус сырыыта тохтуоҕуттан оҕолор оскуолаҕа кэлиилэрэ уустугурбутун, үгүс дьоҥҥо олох хаачыстыбата мөлтөөбүтүн туһунан. 14-c оптуобус оннугар 7-с №-дээх сылдьар буолбут. Ол эрээри өрүү толору уонна икки ардынааҕы бириэмэтэ уһун буолан, дьон тохтобулга чаас аҥаардыыта турар.
Дьон туһугар буолуохтааҕа!
“Кыһын кыһарыйан кэлиитэ оптуобус сырыытын уларытаннар, куруук балыыһаҕа айанныыр 16-c №-дээхпит хайысхата уларыйан эрэйи көрдүбүт. Онто суох “Сулустаах” түөлбэ киириэҕиттэн саҥа оптуобус маршрута эбиллиэн оннугар, куорат кииниттэн ыраах олорор оройуон олохтоохторугар хайысхабытын уларытан, туох да туһаны оҥорботулар. Абырыахтарын оннугар атахтаатылар. Саҥа, улахан түөлбэлэргэ туспа маршруттар оҥоһуллуохтаахтар этэ. Туох барыта дьон туһугар буолуохтааҕа! Кыһын -40 кыраадыска “Ильинка” оройуонуттан 6-c №-дээх оскуолаҕа оҕо хайдах да сатыы барар кыаҕа суох, онуоха оптуобустар ыга туолан кэлэллэр. Тоҕо биһиэхэ барыта эрэйдээх эрэ өттүттэн буоларый? Биһиги куорат кииниттэн ыраах олоробут, көрдөрүнэ, наадабытыгар син биир куорат киинигэр айанныыбыт. 1-кы №-дээх оптуобус “Сулустаах” түөлбэнэн эргийэн Автодорожнай уулуссанан айаннаан иһэн, аны Чернышевскай уулуссаҕа тахсар уонна куорат киининэн эргийэн барар. Оттон тоҕо кини судургутук биир көнөтүк Покровскай тракт устун айаннаан ГРЭС-кэ тиийбэтий? Тоҕо барыта наһаа уустугуй?” диэн ДСК оройуонун олохтооҕо Елена Васильевна санаатын үллэһиннэ. Чахчыта да, оптуобус сырыытын хайысхата тыйыс тымныыны учуоттаан туран судургутуйуохтаах уонна икки ардынааҕы бириэмэтэ кылгаан биэриэхтээх этэ.
15-c, 25-с №-дээх оптуобустары тоҕо суох оҥордугут?
ТГ ханаалга оптуобустар сырыыларынан үҥсүүнү-харсыыны суруйар электроннай кинигэлээх ханаал баар. Онно “15-c, 25-с №-дээх оптуобустары тоҕо суох оҥордугут?” диэн ис хоһоонноох сурук Алина диэн куорат олохтооҕуттан киирбит. Бэлиэтээн суруйдахха, 25-с уонна 15-с №-дээх оптуобустар оннуларыгар 12-c №-дээх баар буолбута. Уруккутунан хаалларыҥ диэн тыһыынчанан илии баттааһына хомуллубута. Оптуобустар айаннарын хайысхатыгар уларыйыылар киирэннэр, үгүс харгыстары үөскэппитин социальнай ситимҥэ көрөбүт. Петр Алексеев аатынан урукку өттүгэр харыыта суох сылдьар 15-c, 25-с №-дээх оптуобустар суох буолуохтарыттан 27-c №-дээх оскуола оҕолоро, 2-c №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа көрдөрөөччүлэр, “Манньыаттаах” ырыынакка айаннааччылар эрэйи көрсүбүттэр. Саҥа 12-c №-дээх оптуобус бу уулуссанан төрүт да ааспат буолан дьон айманан суруйар буоллаҕа. Дьон кыһалҕатын быһаарыы инники күөҥҥэ буолуохтаах. Уруккуттан үөрэммит хайысхаларынан, билэр оптуобустарынан айанныы сылдьыбыт куорат олохтоохторугар, биллэн турар, ыарахан. Оттон оҕолор, аҕам саастаахтар хайдах буолаллар? Туман быыһынан оптуобус түннүгүнэн ханнык тохтобул да кэлбитэ көстүбэт үлүгэрэ буолааччы. Бу маннык үлүгэргэ кыһын оҕолорбут оптуобуһунан айанныахтара турдаҕа. Үгүс дьон кыһалҕатыгар болҕомто ууруллуохтаах, кинилэр баҕа санаалара учуоттаныахтаах!
Мария Слепцова, Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтооҕо:
– Биһиги оройуоммутугар саҥа улахан “Сулустаах” диэн түөлбэ эбиллэн биэрдэ. Оптуобустарбыт хайысхалара тупсуон оннугар ноҕурууската үс бүк үрдээтэ. Сарсыарда үөрэнэ, үлэлии барааччыларга дьэ, эрэй бөҕө. 14-c оптуобуһунан “Прометей” түөлбэҕэ номнуо туолан тиийэбит. Ити түөлбэҕэ өссө 5-c №-дээх оптуобус таарыйар буолбут дииллэр. Улахан түөлбэлэргэ атын маршруттар оҥоһуллуохтаахтар. Ити оптуобус тиийбэт дуу, суоппардар аҕыйахтара дуу.
Герасим Петров, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Мин оҕолорум 27-c №-дээх оскуолаҕа үөрэнэллэр. 25-c оптуобус суох буолан оҕолорум оскуолаҕа икки оптуобуһунан айанныыллар. Бу сотору кыһын улахан тымныылар турдахтарына, хайдах буолабыт? Дьокуускай аҕа баһылыга оптуобустар маршруттарын хаттаан сыныйан көрүөн наада курдук. Маннык уларыйыылар халлаан сылааһыгар буолуохтаах этилэр.
Мотрена Климова, Дьокуускай куорат Аппа уҥуор оройуон олохтооҕо:
– Куруук айанныыр 4-c нүөмэрдээх оптуобуспут аны Ленин болуоссатыттан туора халыйан айанныыр буолбут. Тоҕо уустугурдаллара буолла. Бастатан туран, төһө толору айанныырын, икки ардынааҕы бириэмэтин көрүөхтээхтэр этэ. Куорат каартатын тэнитэн баран маршруту уларыппыттар. Түөлбэлэринэн төһө киһи олорорун учуоттаабатахтар. Ыраах олорор оройуоннарга кыһалҕа бөҕө буолла. Биир оптуобус киэҥ сиринэн эргийэрэ туох аанньа буолуой, онно тустаах дьон сатаан син биир киирбэттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: